Колледжпыт 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө “100 үтүө  дьыала» диэн соруктаах “Түмэн” диэн эр дьон түмсүүтэ бу күһүн тэриллибитэ. Манна кыттыһыан баҕалаах 14  хоһуун   үөрэ-көтө мунньустубуттара. Билиҥҥи үйэҕэ  хас хамсаныы хардыы аайы харчынан ааҕыллар буолбута, босхо диэн тыл  умнуллубута ыраатта.  Түмсүүбүт аата да этэринии дьону үтүө дьыала тула сомоҕолуур, көлүөнэлэри ситимниир аналлаах.  Биһиги   аҕа саастаах  ветераннарбытыгар, көмөҕө наадыйбыттарбытыгар  буор босхо өҥө оҥоробут.  Күһүн муус ылыытын саҕана икки күн 18 бырысыап муус ылан 22 ыалы мууһунан хааччыйбыппыт. Биир идэлээхпит саҥа дьиэҕэ киирэригэр көһөрбүппүт, киин библиотека көһүүтүгэр эмиэ баҕа өттүбүтүнэн баран көмөлөспүппүт.  Маны таһынан элбэх субуотунньук, сири-уоту ыраастааһын, баанньык маһын хайытыыта, сааһылааһына, хаарынан дьиэни кэйимнээһин эмиэ киирсэллэр. Уолаттар улахан, дьоҕус үлэ диэбэккэ,  бириэмэ тиийэринэн, күүттэрбэккэ утатына түргэн көмөнү оҥоро охсоллор. Элбэхтэн аҕыйаҕы ааттаатахха итинник. Сүрэх баҕатынан салайтаран,  үтүө дьыаланы ким баҕарар оҥоруон сөп  — ол олохпут нуормата буолуон наада. Үүнэр саҥа сылга  үчүгэйгэ дьулуһуохха, үлэҕэ-үөрэххэ өссө түмсүүлээх,  бэйэ бэйэҕэ болҕомтолоох, чэгиэн чэбдик буолуохха.

Николай Николаев түмсүү салайааччыта

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.