Саха Республикатын үөрэхтээһинэ, Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледж ыар сүтүктэннэ…
Уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн, Дьокуускай куоракка бу дьыл от ыйын 20 кунугэр Саха Республикатын Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын орто профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна, педагогическай наука кандидата, Учууталлар учууталлара, методист-учуутал, “БПУ-БПК бастыҥ выпускнига” кыһыл көмүс, “Преподаватель-методист”, “Методист Якутии” дьоһун бэлиэлэр хаһаайката, Саха Республикатын Правительствотын үрдүк бэлиэлэринэн: “370 лет Якутии с Россией”, “385 лет Якутии с Россией”, Ил Түмэн үрүҥ көмүс бэлиэлээх Бочуотунай грамотатынан уонна кыһыл көмүс анал ааттаах чаһыынан, Саха Республикатын идэлээх союзтарын үрүҥ көмүс бэлиэтинэн наҕараадаламмыт, Бүлүү уонна Нам улуустарын Бочуоттаах гражданина, олоҕун үтүө кэмнэрин Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училище/колледж сайдыытыгар анаабыт үтүөкэннээх учуутал сырдык тыына быһынна.
Ульяна Федоровна 1948 сыллаахха муус устар 2 күнүгэр Нам оройуонун Хатырык нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ойор-тэбэр дьоллоох оҕо сааһа Модут нэһилиэгэр ааспыта. 1961 сыллаахха Модут алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, Нам орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1964 сыллаахха 8-с кылааһы бүтэрэн, «Эдэр коммунист» хаһыакка «Бүлүүгэ үөрэнэ кэлиҥ» диэн биллэриинэн, дьүөгэтин кытта Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэххэ киирбитэ. Үөрэнэр сылларыгар эдэркээн Уля студент олоҕор активнайдык кыттан барбыта. Кини бастыҥ общественник, спортсменка, үҥкүүһүт бэрдэ, «формальнайа суох лидер» этэ. 1968 сыллаахха училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, Нам орто оскуолатыгар начаалынай кылаас учуутала буолуоҕуттан Ульяна Фёдоровна диэн ытыктабыллаахтык ааттаммыта.
Уля кырылас кумахтаах Бүлүү биэрэгэр, училищеҕа үөрэнэр кэмигэр олоҕун доҕорун Алешаны – Алексей Васильевич Кондакову көрсөн, 1969 с. ыал буолуоҕуттан 52 сыл Бүлүү куоратын биир бастыҥ ыала, 2 уол ийэтэ, элбэх сиэн эбээтэ буолан дьоллоох-соргулаах олоҕу олорон аастаҕа… Ол курдук аан бастаан ыытыллыбыт “Бүлүү Далбар кийиитэ” улуустааҕы күрэх кыайыылааҕа буолан, чахчы да5аны, “Бүлүү Аан Дархан кийиитэ» буолбута
1969 сылтан 2-лии сыл Бүлүүтээҕи тулаайах оҕолор дьиэлэригэр уонна о5о садыгар үлэтин саҕалаабыта. 1973 с. үөрэммит кыһатыгар учуутала, дириэктэрэ М.С.Иванов – Багдарыын Сүлбэ ыҥырыытынан үлэлии кэлбитэ. Ити сылларга кэтэхтэн СГУ-ка үөрэнэн саха тылын уонна литературатын учуутала дипломы ылан, 52 сыллаах айымньылаах үлэтэ саҕаламмыта. 80-90-с сылларга Ульяна Федоровна училищеҕа биир бастакынан “Методист-преподаватель” үрдүк категориятын ылан, үөрэтии процеһыгар саҥаны киллэрэн бастыҥ уоппутун тарҕатан барбыта. Ол курдук үгүс элбэх аһаҕас уруоктары ыытара, саҥа идеялары киллэрэрэ. 1993 с. колледжка бастакы преподавателлэр күрэхтэрин кыайыылааҕа буолбута, 1994 с. Саха республикатын орто анал үөрэхтээһинин бастыҥ преподавателэ буолбута элбэҕи кэпсиир. Ити сыл Уһук Илин регионын орто анал үөрэхтээһинин уһуйааччыларын конкурсун финалиһа буолбута. Кини муспут дидактическай матырыйаалларынан ити кэмнэртэн кинигэ оноруутун саҕалаабыта.
- Дидактические материалы по якутскому языку : учебное пособие для 3-го класса / У.Ф.Кондакова. – Якутск : Бичик, 1991.
- Дидактические материалы по якутскому языку : учебное пособие для 4-го класса / У.Ф.Кондакова. – Якутск : Бичик, 1994.
- Тыл оонньуута (вербальные игры) : учебное пособие для учителей якутского языка. Ч.1. / У.Ф.Кондакова. – Якутск : Бичик, 1998.
- Сыккыс : книга для чтения в 1-м классе / У.Ф.Кондакова. – Якутск : Кн. изд. «Бичик», 2000.
- Тыл оонньуута» (вербальные игры) : учебное пособие для учителей якутского языка. – Ч.2. / У.Ф.Кондакова. – Якутск : изд.-во ЯГУ, 2002.
1992 с. Ульяна Федоровна өр сылларга ымыы гынан иитиэхтээбит баҕа санаатын толорон, сана тэриллибит колледжка саха филологиятын уонна культурология салаатын арыйбыта. Бу бэйэтин туһугар хорсун быһыы этэ. Орто анал үөрэх тэритэтигэр бу идэлэр көрүллүбэттэрин үрдүнэн, оччотооҕу директор Н.П.Куличкин өйөбүлүнэн, СГУ ректора А.Н.Алексеев, СГУ преподавателэ Г.Г.Филиппов көмөлөрүнэн үөрэх былаанын, программатын оҥорбута. Республика, улуус бастыҥ учууталларын, учуонайдарын талан, Д.И.Чиркоеваны, М.Т.Гоголеваны, Е.С.Жиркованы, А.А. Новгородованы, Р.С.Семенованы, кэргэннии В.В. уона М.С. Васильевтары ыныран, өссө биир айымнньылаах коллективы тэрийэн, кэскиллээх үлэ күөстүү оргуйбута. Бу үлэтин салҕаан СГУ-ну кытта дуогабар түһэрсэн бастакы выпукниктарыттан саҕалаан оҕолорун салгыы, кылгатыллыбыт программанан үрдүк үөрэҕи бутэрэр олуктарын уурбута, күнүскү уонна кэтэхтэн үөрэнии форматын сатабыллаахтык тэрийбитэ. «Сыл бастыҥ устудьуона», «Салама ыйааһына» онтон да атын үгэс буолбут иитэр-үөрэтэр үлэ көрүҥнэрин олохтообута.
Устудьуоннуур эдэр сылларыгар үөрэтэр оҕолорун ырыа-үҥкүү, саха фольклорун бары жанрдарынан дьарыктанар усулуобуйаларын бастакы күннэртэн саҕалаан, кимиэхэ да, туохха да майгыннаабат, туспа суоллаах-иистээх «Айылгы» ансамблы тэрийбитэ. Бастакы уьуйааччылар Е.С.Сергина (Жиркова), И.А.Пахомова этилэр. Кэлин бэрт таһаарыылаахтык хореограф Е.С. Васильева, тыга сылдьар фантазиялаах С.Г.Мытник, урукку устудьуон, кэлиҥҥи уһуйааччы Г.И.Васильева, о.д.а. үлэлээбиттэрэ. 1998 сылтан «Айылгы» ансамбль народнай ааты сүгэн аан дойду, Россия куораттарынан саха искусствотын, культуратын тарҕатыыга бэйэтин кылаатын киллэрэр.
Ульяна Федоровна үгүс сыллаах уоппутун, суруйбут учуобунньуктар, үөрэтэр босуобуйалар научнай өрүттэрин уонна таһымнарын үрдэтэр сыалтан уопсай педагогикаҕа 2002с. диссертация суруйан, педагогическай наука кандидата буолбута. Научнай салайааччытын п.н.д. Д.А.Даниловы кытта үгүс сылларга сибээһин быспатаҕа. Бу үлэтин чэрчитинэн колледжка үгэскэ кубулуйбут умсугутуулаах «Тыл оонньуутун» 2018 сыллаахха үлэтиттэн барыар диэри тус бэйэтэ ыыппыта. Бу оонньууну билигин үлэлии сылдьар кини үөрэппит оҕолоро салгыахтара диэн эрэнэбит. 2008 сылтан «Өрөспүүбүлүкэ учуонай дьахталларын” лигатын Бүлүүтээҕи салаатын салайбыта. Кини уурбут олугунан колледжтан 4 учуонай үүнэн тахсыбыта (Е.С.Жиркова, Т.И.Волчок, З.Н.Борисова, И.И.Петрова).
2000 сыллартан саҕалаан колледжка кинигэ таһаарыытын күүскэ ылсан үлэлээбитэ. бастакы кинигэтин бэйэтэ хомуйан-суруйан директорбыт Н.П.Куличкин сырдык кэриэһигэр анаабыта. Салгыы үлэлээн ааспыт, үлэлии сылдьар уһуйаачыларга анаммыт кинигэ серияларын, научнай-методическай уонна үөрэтэр босуобуйалары таһаарыыга элбэх сыратын биэрбитэ. Колледж 100 сыллаах историятын түмүү – кини биир соруга буолбута. Ол курдук 2 томнаах сүүнэ бэйэлээх «Сылаас уйа – сырдык кыһа» уонна колледж Бочуотун кинигэтин түмэн таһаарбыта. Кини өҥөтүнэн колледж уһуйааччыларыттан 50-тан тахса киһи кинигэ автордара буолбуттара.
Олоҕун тиһэх күнүгэр тиийэ колледж 100 сыллаах юбилейын кинигэтин хомуйан, хайдах быһыылаахтык тахсыаҕын былаанныы, оҥорон көрө, сүбэлэһэ сыппыта. Бүтэһик тыллара: «Оо, таҥара көмөтүнэн кинигэни бүтэрбит, үбүлүөйү көрбүт, тэрийсибит киһи…»
Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай колледж коллектива