28.10 – 1.11.2017 оскуола учууталлара, устудьуоннар, преподавателлэр П.Тобуруокап айымньыларыгар үбүлүөйдээх уруоктары ыыттылар. Уопсайа 18 уруогу оскуола учууталлара, преподавателлэр үрдүк таһымҥа ыытан, устудьуоннар 24 уруогу ыытан үөрэнээччилэр болҕомтолорун тартылар, поэт айар үлэтин итийэн-кутуйан туран араас педагогическай технологиялары туһанан өйдөбүллээхтик тиэртилэр. Устукдьуоннар даҕаны кинилэртэн хаалсыбатылар – устудьуон П.Тобуруокап кырачааннарга суҥруйбут программанан үөрэтиигэ киирбит айымньыларын бэрт сэргэхтик оскуола үөрэнээччилэригэр тиэртилэр. Уруок биэрбит учууталлар сертификат туттулар, бастыҥ уруоктарга грамота туттардылар.
1.11.2017 П.Тобуруокапка аналлаах иһитиннэрии күнэ ыытылынна. Манна устудьуоннар кыракый чинчийиилэрин билиһиннэрдилэр, учууталлар, преподавателлэр үлэлэрин уоппутуттан бэристилэр, интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыппыт методикаларын билиһиннэрдилэр. 3 нүөмэрдээх орто оскуолаттан М.К.Муксунова, Д.А.Протопопова, колледжтан Р.С.Семенова, У.Ф.Кондакова иһитиннэриилэрэ сэргэхтик иһилиннэ.
2.11.2017 П.Н.Тобуруокап драматическай айымньылары оонноон көрдөрдүлэр. Ол курдук:
- ОПУНК «Алаас ырыата»
- ОПИ “ Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх”
- ФО “Бабат Маарыйа, Татат Даарыйа”
- ОКП “Босхо собо”
- ДО “Саҕа сахсаана”
- ПДО “Солуур кылдьыыта” миниатюралары, сценкалары оонньоон көрдөрдүлэр. Оҕолор син оонньуохтарын сөп эбит да, реквизит, көстүүм чааһа тутаҕа, биллэн турар, көстүүнү сыппатар. Ол да буоллар үчүгэйдик киһини итэҕэтэрдии оонньоон I–кы миэстэни эбии идэҕэ үөрэнэр устудьуоннар “Солуур кылдьыыта” клоунаданы оонньоон ыллылар, II-һи ОКП устудьуоннара “Босхо собону” оонньоон, III-һү начаалынай оскуола учууталларын бэлэмниир салаа “Алаас ырыатын» оонньоон ылла.
Хоһоон айыыга күрэх бэриллибитигэр барыта 48 хоһоон киирдэ. Ол иһигэр икки оҕо В.Аргунов – 382 гр., Айастан Андреев (Кэнтик орто оскуолата Үөһээ Бүлүү) бүтүн кинигэни суруйан туттардылар. Хоһоону суруйууну устудьуоннар бэркэ интэриэһиргииллэрин көрдөрдүлэр. “Сыккыс” литературнай түмсүү (сал. Семенова Р.С.) айар оҕолору кытта дьарыктанара көһүннэ. Оҕолор айымньыларыттан “тыыппалааҕын” талан “Олох суола” хаһыат нөҥүө ааҕааччыларга билиһиннэриэхтэрэ.
Сэтинньи 3 күнүгэр П.Н.Тобуруокап төрөөбүтэ 100 с. бэлиэтиир түмүк биэчэргэ, саала тобус — толору көрөөччүнэн туолла. Биэчэр ыҥырыылаах күндү ыалдьыттарынан буоллулар: СӨ суруйааччыларын союһун чилиэннэрэ биллиилээх советскай партийнай үлэһиттэр П.Тобуруокап күндү күтүөтэ Д.Ф.Наумов, Тобуруокап мусуой-уһаайбатын дириэктэрэ И.Е.Чычахов, поэт В.П.Харлампьев – Хара Лааҥкы. Ыалдьыттарбыт Дьокуускай к. П.Н.Тобуруокап үбүлүөйүн бэлиэтээбит сонуннарын иһитиннэрдилэр. П.Н.Тобуруокап училище 1937 с. выпускник буоларын, кинини училище-колледж улаханнык ытыктыырын, үбүлүөйдэрин бэлиэтиирин, 2002 с. бүтэһик суолугар түүн Дьокуускайтан дойдутугар илдьэн истэхтэринэ, кэлэктиип миитиннээн атаарбыттарын сылаастык аҕыннылар. Народнай поэт П.Н.Тобуруокап дьиэ кэргэнин аатыттан хоһоон күрэҕин кыайыылааҕар В.Аргуновка 10 тыһ. суумалаах харчынан биир төгүллээх стипендияны, П.Н.Тобуруокап өйдөбүнньүк бэлиэтин туттардылар. Бу улахан билинии, училище-колледж кэлэктиибигэр дириҥ ытыктабыл көстүүтэ. 3 нүөмэрдээх Герой Степанов Н.С. аатын сүгэр оскуола саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала М.К.Муксуноваҕа, педколледж преподавателигэр Р.С.Степановаҕа эмиэ өйдөбүнньүк мэтээли үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. П.Тобуруокап айымньыларыттан таҥыллыбыт кэнсиэри астына көрдүлэр. Кэнсиэр нүөмэрдэрэ П.Тобуруокап баай талааннааҕын, айар үлэтэ алмаас таас кэриэтэ араас кырыыланан күлүмнүүрүн, үйэлэргэ өлбөтүн – сүппэтин көрө итэҕэйдилэр. Тобуруокап мусуой-уһаайбатын сүбэтэ устудьуон В.Аргунов хоһооннорун хомуурунньугун бэчээттииргэ мэктиэлээтэ, онон П.Н.Тобуруокап 100 сааһыгар педколледжка суруйааччы эбиллэригэр эрэллээх хааллыбыт.
П.Н.Тобуруокап төрөөбүтэ 100 с. улуус оскуолалара, кулууптара өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр, оҕо-аймах хоһооннорун ааҕан чугдаардылар, ырыаларын ыллаан чаҕаарыйдылар. Ортокулар оттомуран гражданскай лирикатын арыйдылар, улахаттар таптал таарымтатын таарыйан, ырыа-хоһоон түһүлгэтин төрүттээтилэр. П.Н.Тобуруокап аптаах поэзията өрүү оҕону, ыччаты, улахан дьону ыҥыра-угуйа туруоҕар экчи эрэллээх хааллыбыт, ис сүрэхтэн кыайа-хото суруллубут айымньы үйэлээх буолара саарбаҕа суох.