Декада 3-с күнэ. Тобуроков П. Н. 2017

П.Н.Тобуруокап айар үлэтигэр “Тыл хонуута” оонньуу ыытылынна. Уоннуу киһилээх сэттэ хамаанда кытынна. Оонньуу сыала – соруга:  тылы-өһү имитии, айар дьоҕуру сайыннарыы, толкуйу торумнааһын, тылы сытыылааһын.

Оонньуу олус көхтөөхтүк барда. Хамаандалар бары илин-кэлин түсүһэн, сэттэ түһүмэхтээх оонньуу бэрт түргэнник элэс гынан ааста.

Бастакы түһүмэххэ “Тобуруокап” диэн тыл буукубаларын эргитэн 1 мүн ким элбэх тылы таһаарар диэн сорудахха уопсайа 28 тылы таһаардылар: буруо, тобук, уруок, тобуруо, укуруоп, уоп уо.д.а.

2-с түһүмэххэ Тобуруокап айымньыларыттан биир айымньыга уруһуй оҥорон кэлбиттэрин хамаандалар таайдылар.

3-с түһүмэххэ хамаанда аайы айымньылар ааттарын биэрдибит, ол ааттары туттан ситимнээх кэпсээн суруйдулар.

4-с түһүмэххэ “4 көҥүл строка” хоһоон айыытыгар күрэх. 6 тыл бэриллибиттэн биири тардан хоһооөн айыахтаахтар этэ. “Олох” диэн тылы тардан, хоһооннор айыллан таҕыстылар. Үчүгэй хоһоон диэн холобурдаатахха, маннык хартыына таҕыста:

Олох, олох, олох…
Эн олус кэрэҕин
Биирдэ бэриллэр олох –
Таайыллыбат таабырын

Эбэтэр Олох диэн кэрэ…
Кини биирдэ бэриллэр.
Олоҕу олорон
Күн дьолун билэллэр.

Эбэтэр Олох диэн дьиҥ дьикти,
Олох диэн уустук тыл.
Олоҕу оҥоруу – үтүөнү оҥоруу
Олоҕу олоруу – дьылҕа бэлэҕэ…

   5-с түһүмэххэ хоһоон сыабын тиһэллэр. Хамаандаттан биирдии киһи тахсан хоһоон ааҕар, ким быспыт тахсан иһэр.

6-с түһүмэххэ хамаандаттан биирдии киһи тахсан П.Тобуруокаптыын кэпсэтэр: тематын бэйэтэ арыйар (Мэтириэт тыктарыллар).

Сэттис бүтэһик түһүмэх П.Н.Тобуруокап олоҕун билиигэ блиц – ыйытыыларга эппиэт.

Манна суруйааччы олоҕуттан ыйытыылары сэргэ, 100 хаамыы диэн түргэн эппиэт иһин “Бэргэн билии” блиц-күрэх болҕомтону ылла. П.Тобуруокабы билиини  тыл морфологиятын кытта ситимнээн 10х10 хардыы оҥорон таһаарыы ылар.

Түмүгэр сэттэ түһүмэхтээх оонньууга:

  • I м – ШО – 1 (Күнчээн),
  • II м —  ДО,
  • III м – ПДО салаатын хамаандалара ыллылар.

Оонньууну устудьуоннар биһирээтилэр, көхтөөхтүк кытыннылар.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.