Сыл түмүктэниитэ эргин  ханна баҕарар  үлэ кэлэктиибэ,  дьон -сэргэ,   биирдиилээн киһи буоллун,   сылын хайдах аһардан эрэрин, былааннаабытыттан, сорук туруоруммутуттан тугу ситиспитин, туох кыаллыбатаҕын, ырытар, сыаналыыр, маны таһынан үүнүөхтээх  саҥа дьыл саҕахтарын  ааннарын сэрэнэн сэгэтэн көрөр үгэстээх. Ол сиэринэн колледжка алтыһар биир идэлээхтэрбиттэн түбүктээх үлэлэрин  түмүктэрин  ыйыталастым.

И.И.Алексеев, колледж дириэктэрэ.

Биир үйэ историялаах биһиги үөрэхпит кыһатыгар быйыл ураты сыл түмүктэнэн эрэр. Ол курдук, дойду аҕа баһылыга В.В.Путин бу сылы «Учуутал уонна настаабынньык” сылынан биллэрбитэ биһиги үөрэхпит  кыһатын  быһаччы хайысхата буолар. Сылы быһа ыытыллыбыт  тэрээһиннэр киэҥ сэҥээриини ыллылар,  маны барытын   республика  олохтоохторо, педагогическай общественность көрө-истэ, билэ  олороллор.  Ол туһунан элбэхтик хаһыаттарга суруйдулар,  интернет ситимин нөҥүө   биллэрдилэр, телевидение, радио   көрдөрдө-иһитиннэрдэ. Биһиги колледжпыт сылы олус үөрүүлээхтик түмүктээн эрэр.  Коллектив  үлэһиттэрэ, устудьуоннар түмсүүлээх, таһаарыылаах,  айымньылаах үлэлэрэ  үрдүктүк  сыаналанан, республика Ил Дархана А.С.Николаев аан бастаан олохтообут 7 граныттан  «Бастыҥ общественнай үлэни тэрийээччи колледж”диэн  анал аакка тиксэн,   5000000 суумалаах грант ыллыбыт.

    Бу грант,  биллэн турар,  колледж инники сайдыытыгар туһуланар,  ону ааһан 3 сыл тухары  республика таһымнаах общественнай суолталаах  тэрээһиннэри ыытыахпыт. Республика үөрэҕин кыһаларын устудьуоннара, кинилэр төрөппүттэрэ,  биһиги эйгэбит үлэһиттэрэ онно көхтөөхтүк кыттыахтара диэн бүк эрэнэбит. Салайааччы быһыытынан,  коллективпар махтанан тураммын,   өссө даҕаны инники  ситиһиилэр  кэлэ туруохтара, онно коллектив  айар-тутар көрдүүр, булар-талар толору кыахтаах уонна онно дьулуһар диэн. бигэтик этэбин.   Түгэнинэн туһанаммын,   республика бары   олохтоохторун биһиги үөрэхпит кыһатын араас сылларга  бүтэрбит ытык-мааны выпускниктарбытын, үөрэнэ  сылдьар үөрэнээччилэрбитин, ветеран үлэһиттэрбитин,  биир идэлээхтэрбитин кэлэн иһэр Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, билиҥҥи уустук  кэмҥэ кытаанах эр санааны, барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны,  уйгу-быйаҥ нус-хас олоҕу баҕарабын,  үлэҕит таһаарыылаах буоллун,  былааннаабыккыт олоххо киирдин.

Кэлэр эрэр 2024 сыл колледжпытыгар кэккэ саҥа соруктары туруорар. Дойдуга  Дьиэ кэргэн, Республикаҕа оҕо саас сыллара   биллэриллибитинэн  сибээстээн,  бу хайысхаҕа күүскэ ылсаммыт бэйэбит көрүүлэрбитин олоххо киллэриэхпит.  Ийэ тылы үөрэтиигэ,  сайыннарыыга Ф.В.Габышевалыын бииргэ үлэлэһэн,  колледжпытыгар Киин — Ийэ тыл лабораторятын  арыйан үлэлэтэр бырайыагы былааннаан олоробут Материальнай-техническэй базабытын бөҕөргөтүүгэ күттүөннээх үлэ ирдэнэр. Үгэс быһыытынан урукку  салалта туруорбут соруктарын   мүччүрэппэккэ, салгыы   кэҥэтэр,  дириҥэтэр үлэни-сыалы тутуһабыт. Өссө 2000 сыллартан  туруорсуллар физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс баар буолуон наада. Колледж коллектива спортка ситиһиилэрин  куорат, улуус, республика олохтоохторо кэтээн көрөр буолуохтаахтар. Аҥардас бу сылы ылар буоллахха,  куоракка үлэ коллективтарын  ыккардыларыгар ыытыллыбыт  комплекснай спартакиадаҕа эрэллээхтик бастаатыбыт, устудьуоннарбыт орто анал үөрэхтэр спартакиадаларыгар кыттыбыт 9 хамаандаттан  2-ис бочуоттаах миэстэҕэ тигистилэр. Билиҥҥи туругунан комплекс тутуутугар  тустаах докумуоннары бэлэмнээһин, үп-харчы боппуруостарын быһаарыы үлэтэ инники күөҥҥэ турар.  Итиэннэ кэм кэрдии хардыытынан коллективка көлүөнэлэр солбуйсуулара салгыы барар. Тэтимнээхтик сайдар үйэҕэ  эдэр специалистар наука эйгэтигэр тирэнэн үлэлиир бириэмэлэрэ кэллэ, онон научнай каадырдары бэлэмнээһин биир сүрүн сорукпутунан буолар. Бу баҕа санаа эрэ буолбатах, бу үөрэх кыһата саҥа үрдэлгэ тахсарыгар олук буолуохтаах, манан сигэнэн Бүлүү үөрэҕин кыһата “Бүлүү научнай оскуолата” диэн туһунан  өйдөбүл  үөскүүрүгэр укулаат ууруллуохтаах.

     100-с сыллаах юбилейбыт далааһыннаахтык ньиргийэн ааспыт дуораанын үйэлэргэ хаалларардыы Дьокуускайга Бүлүү үөрэҕин кыһатыгар ананар  искибиэр  аны күһүн арыллыаҕа.  

Лилия Васильевна Докторова, зам. директора по воспитательной работе

    По итогам смотра, проведенного Министерством образования и науки,   ГАУ ДПО РС(Я)    “Институтом развития профессионального образования” наш колледж победил в номинации  “Лучшая  учебно-воспитательная работа  и социальная активность обучающихся по итогам года” среди  профессиональных образовательных организаций РС (Я) и вошел в ТОП- 5  лучших колледжей  по воспитательной работе.  Это наше общее достижение.

Преподаватели, подготовившие  выпускников — 2023, сдавших демонстрационный экзамен по стандартам Ворлдскиллс на максимальную высокую оценку —  100 баллов. Марина Алексеевна Максимова, Анна Валерьевна Иванова, дошкольное отделение

Мария Викторовна Львова, преподаватель английского языка

   Мне посчастливилось принять участие в одном  из значимых событий Года учителя и наставника в III-ем  всероссийском форуме классных руководителей, который ежегодно проводится по поручению Президента РФ В.В.Путина. Все дни форума были предельно продуктивны.  Мы  участвовали в мастер — классах,  работали в проектных мастерских и т.д. Было организовано много экскурсий в московские передовые образовательные учреждения. В музей форума классных руководителй  я передала в дар юбилейные сувениры  100-летия  ВППК  и  теперь частичка нашего колледжа в музее в столице России.       Незабываемым для нас было приглашение в День учителя в Государственный Кремлевский дворец  на чествование победителй конкурса ” Учитель года России-2023”. Кульминацией  этого Дня также стало наше выступление  для министра просвещения РФ Сергея Кравцова.

Сергей Игнатьевич Каратаев , мастер производственного обучения отделения транспорта и энергетики

 На Николаевском форуме, посвященном памяти первого Президента Республики Михаила Ефимовича Николаева  участвовало из 30 районов более 70 участников. Форум   организовало Министерство образования и наук при поддержке государственного собрания Ил Түмэн республики и проходил на малой родине М.Е Николаева в с. Октемцы.  Главным содержанием форума была разработка предложений по актуализации стратегии социально-экономического развития республики до 2032 года с целевым видением до 2050 года. На полях  форума мы участвовали в открытых разговорах с руководством республики, в образовательных семинарах от приглашенных спикеров. Я выступил как лидер инициативной команды. Наша команда   разработала  проект по развитию несырьевой экспортно-ориентированной экономики. В результате успешной защиты проекта мы стали победителями,   мне вручили сертификат на повышение квалификации  в высшей школе инновационного менеджмента при Главе республики.

Варвара Владимировна Протопопова, математика учуутала

   Профессиональнай  үөрэхтээһини  сайыннарар республиканскай Киин тэрийэр «Эдэр уһуйааччы оскуолата” диэн үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Ол  түмүгүнэн миэхэ бу ахсынньыга ыйга   Владивосток куоракка стажировкаҕа  диэн путевка туттарбыттара. Саха сириттэн биһиги 10  буолан сылдьан кэллибит. Стажировкабыт тиэмэтинэн 6 спикер “Орто анал үөрэх кыһаларын  лидердэрэ” диэн киэҥ хабааннаах куурустары, семинардары, олус туһалаах үөрэхтэри ыыттылар.  Маннык тэрээһиннэр эдэр учууталларга, уһуйааччыларга  сайдыыга дьулуһарга, сонун суолу тобуларга  тэтим биэрэллэр.  Киэҥ эйгэҕэ кэлэн билии эбинэрбэр кыаҕы биэрбитигэр колледжпар махталбын тиэрдэбин.

Юлия Юрьевна Николаева,  преподаватель английского языка

 Мне выпала огромная честь пройти конкурсный отбор на получение специальной премии  в сфере образования РС(Я) от компании РНГ и Фонда будущих поколений.   Участников из всех образовательных учреждений было много. По итогам отбора я стала одной из победительниц  и вошла в список 100 лучших молодых педагогов республики. Очень благодарна коллективу за предоставление возможности реализовать и воплощать творческие идеи в реальность.

Сахая Мироновна Варламова, Валентина Максимовна Назарова, алын сүһүөх оскуола учууталларын бэлэмниир салаа учууталлара

    Орто анал үөрэх кыһаларын  икки ардыларыгар ыытыллыбт “Мин уонна настаабынньыгым” диэн куонкуруска республикаҕа бастаан кэллибит. Күрэх 3 түһүмэҕинэн ыытылынна: иккиэ буолан холбуу уруокпут ис хоһооно барыта ийэ тылга    туһуланна, ол онно оҕо санаатын сайа этинэригэр, тылын баайа сайдарыгар олоҥхо курдук улуу айымньыны хайдах туһаныахха сөбүн ырыттыбыт. Уонна усулуобуйа быһыытынан настаабынньык маастар кылааһа, итиэннэ  уһуйуллааччы оҕолору кытары аһаҕас кэпсэтиитэ ирдэниллэр.        Бу барыта, биллэрин курдук, электроннай  платформаҕа олоҕурар.  Маннык күрэхтэр  бэйэни тургутан көрөргө, идэни баһылыырга олус наадалаахтар уонна туһалаахтар.

Николай Иванович Николаев, преподаватель физической культуры

 В этом году достижений, побед достаточно —  чемпион и абсолютный чемпион республиканского турнира им. В. Быкалырова с. Тыымпы, чемпион и  Гран При республиканского  турнира “Хаҥалас  хапсаҕайа”, чемпион и абсолютный чемпион турнира им. Н.В.Докторова-Бычырдаана, с. Верхневилюйск, чемпион и абсолютный  чемпион “Үс иилээх хапсаҕайа”, с. Верхневилюйск,  чемпион и абсолютный  чемпион Ысыаха Олонхо, с. Томтор, чемпион и  абсолютный чемпион республиканского турнира братьев Ноговицыных, г. Якутск, чемпион  командного чемпионата Саха Арена- 9.  Обладатель номинации ассоциации “Сахаада спорт “  “Сыл бастыҥ хапсаҕайдьыта”.

100-с саастаах кырдьаҕас үөрэх кыһатын баай историятын кэпсиир үйэлэргэ хаалар кинигэлэр автордара. З.Н.Борисоаа, М.Д.Андреева, С.Г.Мытник

Матырыйаалы бэлэмнээтэ С.Мытник

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.