«Уулаах балык быстыбат, ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат”  диэн үгүс үтүмэн үйэлэртэн,  муударай өбүгэлэрбит саҕаттан  иитиллэн кэлбит  үөрэтэр- сэрэтэр дириҥ ис хоһоонноох кэс тыллар сыыска-буорга тэпсиллибэккэ бүгүҥҥэ дылы күннээҕи олоххо саҥа ис хоһооннонон дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах өйү — санааны  угаллар.  Олох түһүүлээх-тахсыылаах,  кыайтарар- кыайтарбат моһоллор- харгыстар үтэн-анньан ааһаллара ханна барыай,  ол онтон ким да куоппат курдук. Урут да билигин да маннык  түгэннэргэ бэйэ — бэйэни өйөнсөн,   утары уунуһан баччаҕа кэллэхпит, онно мэлдьэх суох.

 Дойдубутугар уустук балаһыанньа бүрүүкээн, Ийэ дойдубутун көмүскүүргэ  хомуур бара турарын бары толору өйдүүбүт. Арассыыйа үрдүнэн маннык буолбатаҕа 80-ча сыл буолла.  Уолуйан, уостан хаалбакка биир санааны тутуһан,  олохпутун огдолуппат гына тэринэ, хомуна сатыыр — ол биһиги бүгүҥҥү улахан сорукпут буолар дии саныыбын. Дьон-сэргэ, хас биирдии нэһилиэк, тэрилтэ ким тугу кыанарынан, уруккулуу эттэххэ кыайыыны уһансарга кыттыһара сүргэни көтөҕөр, сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэр.

Биһиги колледжпыт көмө оҥоруу дьаһалларыттан туора турбат. Бу күннэргэ булчут- балыксыт учууталларбыт, уолаттарбыт, чуолаан “Түмэн” түмсүү, салайааччы   Николаев Н.И. быһаччы көҕүлээһининэн   анал  байыаннай дьаһалларга  ыҥырыллан  барбыт байыастар дьиэ кэргэттэригэр кус, балык, куобах, быйылгы идэһэ этэ-иһэ, онтон да атын бородуукта арааһын илдьэн биэрдилэр.

Семенова Р.В. ”Колледжка үлэлээн ааспыт сылларбын, бииргэ алтыспыт дьоммун  олус күндүтүк саныыбын. Тэрилтэм ветераннарын хайа да түгэҥҥэ умнубат, тэрээһиннэригэр өрүү ыҥыра турар, үөрүүнү кытары күн бүгүҥҥэ дылы бара турабын.  

Бу быстах байыаннай хомуурга икки төрөппүт оҕолорум барбыттара.  Уолаттарым курдук санаам күүстээх, этэҥҥэ буолуохпут, балаһыанньа көнүөҕэр, нус-хас олох эргиллиэҕэр эрэлбит улахан. Оҕолоро, аймахтара мобилизацияҕа түбэспит ийэлэр-аҕалар барахсаттар бары да араадьыйа, тэлэбиизэр, төлөпүөн, хаһыат тула кулгаах-харах буолан, аһара аймаммакка, күүстээх кытаанах санаалаах  турукка сылдьалларын билэбин, көрөбүн.   Быыһыгар соҕотохсуйуу, мунчаарыы, санааҕа ылларыы  ханна барыай, ол сылдьан   кыра, дьоҕус  да көмөҕө наадыйарыҥ кэмнээх буолуо дуо. Арай биир күн тэрилтэбиттэн сахалыы ас арааһын көтөх муҥунан  киллэрэн биэрэн соһуттулар, бу маладьыастары.  Үөрүү бөҕөнү үөрдүм, махталым муҥура суох. Маны этээрдэхтэрэ, киһи киһинэн олорор диэн. Ыраас, уйаҕас санаалаах уолаттарга, директор Алексеев И.И. сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин, бары үтүөнү, эйэлээх-иллээх Саҥа Дьылы баҕарабын”.

Варламова С.М. “Иван Иванович, Николай Иванович, Иннокентий Иннокентьевич, Евгений Романович салалталаах тэрилтэбэр, бииргэ үлэлиир дьоммор маннык уустук кэмҥэ күүс-көмө, тирэх, өйөбүл буолалларыгар  махтанабын, аны туран,  иҥэмтэлээх саха төрүт аһын тутан аһара долгуйдум, оҕолорум үөрүүлэриттэн биир-биир тута-тута сүүрүү-көтүү буоллулар. Барыгытыгар дьолу-соргуну баҕарабын, барыта этэҥҥэ буолуоҕар эрэнэбин”.

Михалев Б.А. “ В  мобилизацию попал мой младший сын Дмитрий. Конечно, это очень волнительно, тревожно, это понимает каждый родитель.  Встать в защиту Отечества — это священный долг молодого человека. А наша задача- верить в светлое будущее, помогать всеми силами нашим ребятам, кто чем может, что и делает наш народ. Мой родной колледж всегда поддержит тех, кто попал в трудную жизненную ситуацию,  подбодрит словом и  делом, вот и сейчас не забывает, принесли в дом старика — ветерана неожиданный продуктовый сюрприз: утка, заяц, разная рыба, мясо — все деликатесы севера, как раз к новогоднему столу.  Как приятно, что тебя  не оставляют наедине.  Спасибо, родные, слов нет, глубоко взолнован, хочется не болеть, еще больше любить жизнь…”

 Бу курдук  бэйэ-бэйэни өйөнсүөххэ, уустук кэми чиэстээхтик тулуйуохха, дойдубут, норуоппут тула түмсүүлээх буолуохха. 

 

                                                                                                  Светлана Мытник

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.