Саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэммит Н.Г.Чернышевскай  аатынан  Бүлүүтээҕи           кэллиэһи  бу үөрэх дьылыгар  истэн уонна кэтэхтэн 233  оҕо бүтэрэр. Училище, кэллиэс  99 сыл устата алын сүһүөх кылаастар учууталларын бэлэмнииртэн  саҕалаабыт буоллаҕына  бүгүн  10 идэни биэрэр.  Идэ ылан үлэлии,  сайда бараары куорсун анньыммыт  быйылгы устудьуон  группаларын старосталара  тугу кэпсииллэрий. 

  1. Егорова Дайаана, 381 гр. , Бүлүү 

Биһиги идэбит доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору кытары үлэлэһэр уһуйааччы.  Үөрэхпитин бүтэрээри, диплом ылаары, үлэһит буолаары наһаа үчүгэй настроенияҕа уйдара сылдьабыт. Биһиги ыарахан сылга улаханнык мэһэйдэппэтибит, бэйэбит олохпутугар  толору эппиэтинэс сүгэрбитин олохтоохтук  өйдөөтүбүт.  Мин билиим, сатабылым таһыма баҕарбытым курдук  баһаам, үлэлии барарбар бэйэбин  эрэллээхтик сананабын,  ол онтон аһара астынабын.   

      Үөрэнэрбит тухары актыбыыстаатыбыт,  арай биир баҕабытын Саха КВН хамсааһыны ситэрбэтибит,  үчүгэйдик саҕалаан испиппит, онтон пандемия туран хаалбыта. Техникум холбоһон устудьуоннарга наһаа интэриэһинэй буолла, элбэх уопсай тэрээһиннэр тула түмүстүбүт, улуус , республика таһымнаах күрэхтэргэ ситиһии элбээтэ. Группам киэн туттар оҕолорун бэлиэтиэхпин баҕарабын. “WorldSkills Russia-2021”  IX региональнай чемпионат кыттааччытын  Салгынова Анитаны,  «Эрчим» уопсай дьиэҕэ бэйэни салайыныы лидера Игнатьева Людмиланы.

    Үөрэҕи  түмүктүүр сылбытыгар  отчуот курдук “Сыл бастыҥ устудьуона” күрэх ыытыллар. Мин онно ситиһиилээхтик кыттан, “Айымньылаах устудьуон” буолуум, тиһэх чуораан лыҥкыныыр тыаһыгар хоһулатан колледж дириэктэрэ Алексеев И.И анал стипендиятын анаабыттара-  умнуллубат түгэннэр.

Киһи быһыытынан,   идэбинэн ситиһиилээх буоларга ураты болҕомтобун  ууруом, сайдар баҕалаахха билигин бары усулуобуйа барыта баар, күүскэ   кыһаллыахха эрэ наада.

  1. Иванова Светлана, 312 гр. Сунтаар

     Мин чугас дьонум учуутал идэтигэр уһуйуллар сыаллаах буоллаххына Бүлүүттэн саҕалыырын быдан ордук диэн тыларыгар киллэрэн ыыппыттара. Сөпкө да сүбэлээбиттэр. Наһаа астына үөрэнним. Устудьуон сылларбыт  сөҕүөххэ  дылы түргэнник  аастылар, баран эрэбит диэн итэҕэйбэт  курдукпут. Группам оҕолоро бары да  соһуйан хааллылар быһыылаах.  Үөрэнэрбит тухары кыайыыларга дьулуһуу, үчүгэйгэ талаһыы.  Степанова Айко колледж дириэктэрэ Алексеев И.И анал стипендиятын ылла, науканан утумнаахтык дьарыктаммыт Григорьева Анжелика,   Михайлова Елена,  “Мистер ВППК” кыайыылаааҕа, “Айылгы” народнай коллективка дьарыктаммыт  Руфов Эдуард группа бастыҥнара  буолаллар.  Иванова Ираида Тува республикатыгар буолбут аан дойду таһымнаах Волковскай ааҕыылар кыайыылааҕа, республикаҕа Дуткинскай ааҕыыларга  дипломан.  Үөрэххэ анаммыт кэрчик кэммитин, санаабытыгар, ситиһиилээхтик,  туһалаахтык ыыттыбыт. Талбыт идэбитинэн, алын сүһүөх кылаастар учууталлара,      салгыы билиигэ тардыһарга,  көрүүлэрбитин кэҥэтэргэ,  олоххо актыыбынай туруктаах буолууга,   баҕа санааны олоххо киллэриигэ сыал-сорук туруорунуу саамай наадалааҕын туһунан чаастатык кэпсэтэр буоллубут.

     Мин “ Сыл бастыҥ устудьуона- 2021” күрэххэ бэйэбин тургутан көрдүм, ол миэхэ улахан оскуола.

   Ньукуолун күнтэн наар кулгаахпар  “Сунтаар миигин ыҥырар” диэн ырыа тыллара кулгаахпар иһиллэ-кутулла тураллар, ол онтон уонна

сотору үлэһит буолан дойдубар, дьоммор дипломнаах тиийэрбиттэн дойдум мүөттээх салгынын, от оттуурбун, ынах, ньирэй хомуйарбын санаатахпына аһара долгуйа үөрэбин.

    Ситиһиилээх учуутал, сиэрдээх майгылаах, олоҕу сыаналыыр киһи буоларга ииппит учууталларбыт  эрэллэрин түһэн биэрбэт инибит.

  1. Сметанникова Анастасия , 311гр., Мэҥэ-Хаҥалас

        Школьнай  салааҕа Бүлүүгэ үөрэммит сылларым- саамай дьоллоох күннэрим буолалларын “Тиһэх чуораан” күнэ өссө бигэргэттэ. Самоизоляцияҕа түбэһэммин  үчүгэй тэрээһиҥҥэ  онлайн кытынным. Хас да грамота ыллым. Коллеһым эйгэтэ үчүгэйэ, оҕо элбээбитэ үөрэнэргэ, алтыһарга   олус көхтөөх буолбута. Убаастыыр учууталларбыттан  билии  сомсо, доҕотторбун кытары дьоллоохтук айа-тута сылдьа өссө хаала түһүөхпүн баҕарар эбиппин. Группабыт  үөрэххэ, спортка, наукаҕа элбэх ситиһиилэрдээх буолан, “Колледж бастыҥ группата” үрдүк ааты ылбыппыт – барыбыт үөрүүбүт буолар.   “ЭТНО-ВПК” фестивальга эмиэ кыайбыппыт, Якутскайга культурнай программалаах путевка ылбыппыт.   Долгунова Виктория “WorldSkills Russia-2021” IX региональнай чемпионакка, народнай учуутал Алексеев М.А. аатынан анал стипендия лауреата Попова Клавдия “Сыл бастыҥ устудьуона-2021” ситиһиилэхтик кыттыбыттара, 3 оҕо кыһыл дипломҥа үлэлэһэ сылдьаллар.  Колледжка устудьуоннар бэйэни салайыныыларын лидера, колледж сулуһа диэтэхпинэ, омнуо буолбатах,  Спиридонова Сааскылаана Г.И.Чиряев аатынани анал стипендия лауреата  буолла.

  1. Слепцова Пальмира, 421гр., Үөһээ-Бүлүү

   Эдэр саас  саамай кэрэ уонна эппиэтинэстээх сыллара –устудьуоннуур кэм. Улахан олоххо бу бастакы хардыыгын хайдах саҕалыыргынан  инникигэр  олук уураҕын дии саныыбын. Холобура, С.М.Аржаков аатынан анал  стипендия лауреата  Иванова Мотя маҥнайгы куурустан Россия таһымнаах поисковай этэрээккэ киирсэн Нижнэй Новгородка, Мытник С.Г. педэкспедициятыгар үлэлэһэн  Москва, Казань, Саратов, Чебоксары куораттарга тиийэ сылдьыыта — бастыҥ холобур буолар. Биһигиттэн дэгиттэр талааннаах Корякина Сайыына кыһыл дипломҥа эрэллээхтик барсан иһэр, кыргыттар идэлэригэр бэриниилээх ситиһиилээх уһуйааччылар буолуохтара диэн бары эрэнэбит. 4 сыл үөрэммит киһи бүгүҥҥү толкуйум итинник.  Колледж 95-с юбилейдаах бэлиэ сылыгар киирэн,  9-ус кылаас кэнниттэн  үөрэннибит.  Тапталлаах колледжым  үлэһиттэрэ ааккын ааттаан туран өрүү үөрэ-көтө көрсөллөр, иллээх дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэ сылдьар курдук туруктаахпыттан тус бэйэм эрэллээхтик сылдьабын, сайдабын, күннээҕи кыраттан да мэлдьи үөрэ сылдьабын. Бииргэ үөрэнэр истиҥ кыргыттарбын, Бүлүүгэ көрсүбүт доҕотторбун кытта  күлэн-үөрэн сүүрбүт-көппүт күннэрбит, арыт айманан ылбыт чаастарбыт- барыта күндү, умнуллубат. Учууталларбыт        үчүгэй бэлэмнээх уһуйааччылары иитэн таһаарар баай уопуттаахтар, кинилэри утумнаабыт киһи диэн  баҕа санаалаах дойдубар үлэлии бараары сылдьабын. Билигин үөрэҕирии эйгэтигэр дэгиттэр талааннаах, бары өттүнэн туруктаах үлэһити күүтэллэр, онно эппиэттэһэр гына, тохтоон хаалбакка салгыы үөрэнэн,  билиини хаҥатар, сайдыыны тутуһар   сорук  турар.

  1. Алексеева Надежда, 371 гр., Бүлүү

    Устудьуоннаабыт сылларбыт  үөрэх билии, айар-тутар үлэ, сүүрүү-көтүү, билсии-көрсүү үөһүгэр аастылар. Салаабыт музыкальнай, үҥкүү, театр салайааччыларын сүрүннээн бэлэмниир.  Ситиһиилээх оҕо үгүс, Томскай  Елисей Попов Г.И.,  аатынан именной стипендиат, актыбыыс бэрдэ, волонтер, чаҕылхай устудьуон.   Үөрэх-үлэ бастыҥнара Чиркоева Розалия,  Спиридонова Дарианна,  Петрова Анжелика салаа чулуу устудьуоннара.

          Мин Дьокуускайга «Надежда» детсакка музыкальнай салайааччынан үлэбин саҕалыахтаахпын. Сүрүн инструменым фортепиано. Үөрэнэр сылларбар  ис кыахпын арыйарга дьулустум, учууталларым онно эрэллээх тирэх буоллулар.   Аныгы үйэ ыччата  бириэмэни кытта тэҥҥэ  хардыылаһарга,  идэбин өссө толору баһылыырга бэлэммин.

  1. Павлов Дьулусхан, 351гр., Бүлүү

Адаптивнай физкультура учуутала идэни  ыллым.  Бастаан арыый да уустуктардаах этэ, оттон баҕаран туран үөрэнэр буоллахха,   туох барыта кыаллар эбит.  Билигин барытын ааһан, диплом көмүскээһинэ хаалла,  барыта этэҥҥэ баран иһэр. Группа оҕолоруттан   хотугу оонньууларга республика  маастарыгар кандидат,  “Сыл бастыҥ устудьуона-2021”  күрэх номинана, Анатолий Семенов, СӨ хаабылыкка уонна хаамыскаҕа маастара  Тамерлан Махаров, науканан дьарыктаммыт Гуринова Сандаара, спортсменнар, актыбыыстар Никифоров Эрик. Петрова Валерия,  Федотова Виктория,  Каратаев Василий,  Алексеев Март үтүө холобурга киирсэр устудьуоннар.     Дуоматынан утумнаахтык дьарыктанным, СӨ  маастарыгар кандидаппын, салгыы маастары толорор инибин. Дипломмун тутан баран, ытык иэспин толоро Армияҕа барабын.

    Устудьуоннуур сыллар саамай дьоллоох кэм, сырдык ыраас үөрэнэр корпуспут,  манна көрсүбүт доҕотторум, миигин ииппит –үөрэппит учууталларым хас биирдиилэрэ —  дьылҕам бэлэхтэрэ.

  1. Павлова Сандаара, 322 гр. , Амма .

    Эдьиийим  Аммаҕа учуутал, кини эппитэ: “Үчүгэй үлэһит буолуоххун баҕарар буоллаххына, Бүлүүгэ баран үөрэн”,- диэбитэ. Эдьиийбэр махтанабын, үтүө да сүбэни эппит эбит, Бүлүүгэ кэлэн үөрэммиппиттэн наһаа үөрэбин, Бүлүүнү сөбүлээтим аҕай.  Каникулбуттан  ахтан кэлэр этим, үөрэҕим кыһатын, уопсай дьиэбин, доҕотторбун, учууталларбын. Бастаан кэлэн баран,  “Мисс Республика -2019” куонкуруска кыттыбытым, ол онтон саҕаламмыта мин интэриэһинэй,  актыыбынай устудьуон сылларым, кэлин да таһыммын түһэрбэтэҕим. Идэбитинэн детсад кырачааннарыгар  иитээччи буолабыт. Үөрэнэргэ–сайдарга  биһиэхэ  усулуобуйа олус үчүгэй, холобура,  салаабытыгар полигон-лаборатория баар, онно үлэҕэ туттар араас тэрил барыта баар, наһаа туһалаах. Олоххо актыыбынай көрүүлээх оҕо элбэх, олортон Шергина Уруйдаана колледж дириэктэрэ  Алексеев И.И. анал стипендиятыгар тигистэ. Салаа, колледж олоҕор инники күөҥҥэ сылдьар оҕолортон ааттаталыахха сөп  Винокурова Галинаны,  Анисимова Күннэйи, Коновалова Татьянаны.

  1. Будищев Николай, 142 гр., Бүлүү

Мин массыынаны өрөмүөннүүр, көрөр-истэр маастар идэтигэр үөрэнним,  салгыы идэбинэн киин куораттар диэки үөрэнэ барар былааннаахпын, көрөн иһиллиэ. Колледжка кэлэн, наһаа үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэммиппиттэн бэйэм, дьонум бары үөрэбит. Практикабытыгар колледжка үрдүттэн дьарыктанарбыт олус табыгастаах, кабинет-лаборатория тэриллэ охсубута. Биһиэхэ 4 кыыс үөрэнэр уонна барыта уолаттар.  Халыматтан тиийэ кэлэн үөрэнэллэр.  Оҕолорбут субботник, араас культурнай тэрээһин, спорт өттө буоллун, бастакынан сылдьаллар. Учууталлар, маастардар,  колледж махталын элбэхтик ылбыттара   Григорьев Яков,  Другин Герасим, Рожков Эдуард, Абрамов Николай.  Игнатьев Айсен, Иванов Иннокентий,  Антипин Дмитрий. Сылбыт төһө да пандемия быыһынан буоллар интэриэһинэйдик ааһан эрэр, билигин  Ворлдскиллс стандартарынан демоэкзаменнарбыт хааллылар.  18  оҕо Үөһээ-Бүлүүгэ баран туттарабыт, 3 оҕо Дьокуускайга ЯИПК  базатыгар барыахтаахтар экзаменнарыгар.   Бу экзамены  ютуб нөҥүө ким баҕарар көрүөн, кэтиэн сөп.

  1. Саввинов Симон, 471 гр., Үөһээ Бүлүү

    Биһиги эбии үөрэхтээһин салаатын бүтэрэн,  социальный педагог идэтин ылан эрэбит. Бастаан киирэрбэр оччо билбэт этим бу идэ туһунан, бюджетнай миэстэ баарын туһаммытым. Колледжка 3 сыл уһаарыллан,  педагогическай эйгэ миэхэ чугас эбит диэн  интэриэһим лаппа улаатта. Педагог үлэтин практикаҕа сылдьан эппинэн-хааммынан биллим. Пандемия бириэмэтэ эмиэ тургутан көрдө, уустуктардаах балаһыанньаҕа үлэни хайдах тэрийиэххэ,  бэйэни хайдах тэриниэххэ сөбүн биллим. Маҥнайгы  дипломмун ылаары сылдьарбыттан бэйэбин убаастана саныыбын.   Салгыы күн-дьыл көрдөрөн иһиэ, Армияҕа баран, иэспин  сып-сап төлөөн кэбиһэр үчүгэй буолуо этэ, оттон сатамматаҕына дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ үлэлии барыам.  Үөрэҕим кыһатыгар учууталларбар, доҕотторбор  аһара убанан хааламмын дуу, эбэтэр эппиэтинэһим үрдүүрүттэн эбитэ дуу, барарбын санаатахпына долгутуулаах курдук. Этэллэрин курдук мин бастакы уонна бүтэһик буолбатахпын, барыта сатаныа. Саҥа кэлэн баран, үөрэнэр корпуска, “Эрчим” уопсай дьиэбитигэр   мунан мучумаахтаныы буолар этэ, оттон бүгүн ол уорааммытыгар бэйэбит хаһаайын курдукпут, наһаа истиҥ, сылаас эйгэ. Табаарыстарбыт, актыбыыстарбыт  Алексеев Константин Аммосова Т.П. аатынан анал стипендиат, Захарова Вера, Гуринова Полина,  Мальцева Елизавета элбэҕи ситиһиэх оҕолор.

  1. Куланов Святослав, 331 гр., Бүлүү

    Тиһэх чуораан күнүгэр миэхэ  колледж дириэктэрэ  Алексеев И.И. анал стипендиятын анаабыттарыгар соһуйан хаалбытым,  3 сыллаах үлэм-үөрэҕим сэмэй ситиһиилэрин  маннык үрдүктүк сыаналаабыттарыгар наһаа махтанабын колледжпар, учууталларабар, маастардарбар. Үөрэммит кэммэр хатыламмат чаҕылхай түгэн диибин. Эһиил 100 сааһын бэлиэтиир суон сурахтаах үөрэх кыһатыгар  үөрэммиппититтэн биһиги киэн туттабыт. Бииргэ үөрэнэр группам оҕолоро биир сомоҕо буолан сырыттыбыт, кэлин да син-биир билсэ сылдьыахпыт.  Маннык үчүгэй саастарга билсибит доҕотторум, учууталларым куруук чугас буолалларыгар саарбахтаабаппын. Чаҕылхай   оҕолор группаҕа элбэхтэр, холобура, Абрамов Дьулус, Алексеев Иван, Евсеев Александр, Пахомов Вячеслав уо.д.а. киһи тумус туттар дьоно. Эдэр киһи киирэн-тахсан, сүүрэн-көтөн, кыайбаппын, сатаабаппын диэн туран хаалыа суохтаах, кыаммакка көмө, сылайбыкка күүс буола  куруук инники сылдьыахтаах. Биһиги бары уолаттар үөрэнэбит, идэбит-электромонтажник саамай наадалаах идэлэртэн биирдэстэрэ, үлэ миэстэтин булар дэбигис буолуо диэн саныыбын. Дипломмун ийэбэр туттаран баран, Армияҕа барар былааннаахпын.

  1. Саввинов Игорь, 452 гр., Бүлүү

     Физкультура учууталынан үлэлии бараары сылдьабыт.  Онлайн ярмаркаҕа кыттан,  уопсай, спорт оскуолаларга бары үлэ миэстэлээхпит, 2 уолбут Армияҕа барыахтара. Физкультура учуутала, бастатан туран бэйэтэ үөрэнээччилэригэр холобур көрдөрөр спортсмен буолуохтаах, ол бириинсиби тутуһан үөрэннибит. Хас биирдиибит спорт ханнык эмит көрүҥэр утумнаахтык дьарыктанар. Осипов Александр остуол тенниһигэр Дальнай Восток призера, Хабаровскайга, Улан -Удэҕэ тиийэ куоталаһыыларга сырытта. Алексеев Алан күүстээх мадьаны. Васильев Валентан баскетболга, Петров Петр мини- футболга,  Филиппова  Айыллаана көҥүл тустууга, Иванова Владина буулдьанан ытыыга уонна сүүрүүгэ  республика таһымыгар кэккэ сититиһиилэрдээхтэр. Тиһэх чуораан күнүгэр колледж, улуус спортивнай чиэһин элбэхтик көмүскээбит оҕолор бэлиэтэннилэр, мин Н.П.Куличкин аатынан анал стипендия ылар чиэскэ тигистим.

  1. Саввинова Марина, 382 гр., Үөһээ Бүлүү

Идэбитинэн коррекционнай оскуолаларга алын сүһүөх  кылаастарга үлэлиэхпит. Оскуолаҕа сылдьыахпыттан Бүлүүгэ үөрэнэр баҕалаах этим, Бүлүү биһиги улууспутугар Үөһээ Бүлүүгэ бары өттүнэн чугас. Оскуола аайы учуутал идэтин ылбыт элбэх, иһиттэх аайы наһаа үчүгэйдик ахталлар, мин да онтон хаалсыам суоҕа. Колледжпын, идэбин, учууталларбын мэлдьи өрө тутуом.  Тиһэх чуораан күнүгэр Кэт Марсден аатынан анал стипендия лауреата буоллум, Васильева Влана Томскай И.Е аатынан стипендиат буолла,  бу улахан ситиһии. Колледжка науканан дьарыктаныы ирдэнэр уонна ураты болҕомтоҕо турар. Биһигиттэн Гаврильев Денис, Иванова Христина уонна мин научнай-практичесай конференцияларга элбэхтик кытынныбыт. Васильева Влана “Сыл бастыҥ устудьуона-2021”  куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа. Биһиги ылар идэбит  саҥа стандарт иһинэн буолан колледжка учуутал идэтин ылааччыларга маҥнайгынан демонстрационнай экзамен туттарабыт, онон  үөрэхпитин түмүктүүр саамай эппиэтинэстээх  күннэр үүннүлэр.

    Ыллыыр-үҥкүүлүүр кыргыттарбыт “Айылгы” народнай коллективка бааллар. Николаева Милена, Алексеева Кюннэй «Мисс Республика”, “Северянка” куонкурустар лауреаттара. Бу саамай элбэх көрөөччүлээх  уонна күүтүүлээх тэрээһиннэр. «ЭТНО-ВПК”  фестивальга биһиги нуучча норуотун культуратын көрдөрбүппүт,  онно кыайыылааҕынан тахсан Якутскайга барыыга путевка ылбыппыт. Бу барыта устудьуоннаабыт эдэр сааспытыгар  өйгө-сүрэххэ хатанан хаалбыт хатыламмат үтүө түгэннэр.

  1. Петрова Ирина , 165 гр., Бүлүү

     9-с кылаас кэнниттэн киирэн 3 сыл үөрэннибит,   атыы-эргиэн үлэһитэ буолуохпут. Үөрэхпит үгүс  чааһа  практика, онон үчүгэй, быһаччы үлэбитинэн дьарыктанабыт. Быйыл тохсунньу ыйтан практикаҕа табаар, бородуукта маҕаһыыннарыгар  атыыһыттаатыбыт, уопутурдубут. Үөрэхпитин бүтэрэн,  ханна баҕаран үлэлииргэ бэлэммит. Биһиги  идэбит,  эргиэн үлэтэ былиҥҥи  ырыынак  сыһыаннаһыыларыгар  уонна бэйэ дьыалатын арынарга наадалаах. Аныгы  киһи хайаатар да үп-харчы эргиирин тус олоҕор да туттарыгар билэрэ наада, биһиги ити өттүгэр балачча билиилэннибит, сатабыл ыллыбыт.  Үлэ эмиэ көстөр, онон үөрэммиппит туһаҕа тахсыаҕа. Оҕолорбуттан чорботон хайгыахпын сөп  үөрэххэ-үлэҕэ дьоҕурдаах Семенова Уйгулаананы, Попова Клараны, Гуляева Антонинаны, Алексеева Викторияны. Мин быйыл үөрэх туйгуна буолбутум. Бу хаалбыт бириэмэҕэ   түмүктүүр экзаменнарбытын туттарарга бэлэмнэнэ сылдьабыт,  дипломнай үлэ  суруйабыт, көмүскүүрбүт хаалла.

Бэлэмнээтэ Светлана Мытник

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.