«Я-будущий педагог» бастакы курстар посвящениялара.
Алтынньы 4 күнүгэр Бүлүүтээҕи педагогическай колледж боруогун атыллаабыт бастакы курстары сүрэхтээһин буолла. Бу күн хас биирдии группа оҕолоро бары көхтөөх кыттыыны ылан бэйэлэрин билиһиннэрэ ким туох талааннааҕын көрдөрдө. Ырыа – тойук аргыстаах , үҥкүү — битии буолан үрдүк таһымнаахтык ааста. Директорбыт истиҥ алгыһын ылынан , кэс тылбытын биэрэн дьиҥ устудьуон аатын ылынныбыт , сүрэхтэннибит. Ол курдук бары биир сомоҕо буолан этэҥҥэ үөрэниэхпит диэн эрэнэбин.