«Точь-в-точь» ол эбэтэр холобур оҥостор, сыаналыыр дьоммутун үтүктэммит ырыа-үҥкүү аргыстаах биир киэһээни атаардыбыт. Ол курдук балаҕан ыйын 12 күнүгэр дьон – сэргэ биир сөбүлүүр проегын устудьуоннар буолан туруордубут. Маннык тэрээһиҥҥэ киһи дууһалыын арыллар , сэргэхсийэр. Оруолларыгар умсугуйан биир сөбүлүүр киинэлэрин , ырыаһыттарын оннугар холоннулар. Тэрээһини үрдүк таһымнаахтык туруоран кыһамньыбыт , сэргэх бэйэбит биир үчүгэй хаачыстыбаларбыт эрэ көһүннүлэр. Хас биирдии киһи туохтан да толлубакка барытыгар кыттан иһэрэ инникитин даҕаны учугэйгэ эрэ тиэрдиэ диэн эрэнэбит.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.