Алтынньы 25 – сэтинньи 3 күннэрэ, 2017 с.
Училище 1937 с. выпускнига, буойун, учуутал, норуот бэйээтэ П.Н.Тобуруокап төрөөбүтэ 100 с. туолуутугар аналлаах “Күндүттэн күндүнү олоҕу туойбутум” декада.
Минньигэс да ырыа
Үөһэттэн кутуллар
Оо, кэрэ да санаа
Сүрэхпэр уһуктар
Дорообо, күөрэгэй
Тойуксут чыычааҕым,
Куппахтаа сүрэхпэп
Төлөннөөх ырыаҕын
Өйдүүгүн, мин эмиэ
Ыллаһыах буолбутум
Күндүттэн күндүнү-
Олоҕу туойбутум!
П.Н.Тобуруокап 1917 с. алтынньы 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүт. 1937 с. Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбит. П.Н.Тобуруокап оҕо-аймах улахан доҕоро, ырыаһыт ымыылааҕа, хоһоонньут хомоҕойо. Кини төгүрүк төрөөбүт сылын училищеҕа хайаан да бэлиэтиир үгэс олохсуйбута. Ол сиэринэн П.Н.Тобуруокабы орто дойдуттан арахсар күнүгэр түүн училище кэлэктиибэ миитиннээн атаарбыта, Нам сэлиэнньэтигэр 90 сааһын бэлиэтээһиҥҥэ кыттан, саха салаатын хора, “Айылгы” ырыа-үҥкүү кэлэктиибэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыттара. Нам сэлиэнньэтигэр “Бүлүү училищета” диэн уулусса аата олохтоммута. Тобуруокап “Көмүс күһүнүгэр” кыттыыны ылар буоллубут. П.Тобуруокап “Бүлүүтээҕи педучилище ырыата” диэн училище 70 с. анаан суруйбут хоһоонугар самодеятельнай композитор Елена Олбутцева ырыа айан хаалларбыта. Ону бүгүҥҥү устудьуоннар үөрэ-көтө ыллыыллар. Училище устуоруйатын кинигэтэ Тобуруокап тылларынан “Сылаас уйа, сырдык кыһа” диэн ааттаммыта. Онон П.Н.Тобуруокап үтүө аата биһиги колледжпытыгар ааттанар, өрүү бэлиэтэнэр, эдэр учууталлар кини айымньыларын кырачааннарга үөрэтэллэр.
Бүгүн педколледж үрдүнэн биллэриллибит поэзия чааһыгар бүгүн биһиэхэ ыалдьыттыыллар, кыттыыны ылаллар:
- «Күнчээн» ааҕааччылар бөлөхтөрө. «Солнышко” детсад иитиллээччилэрэ.
- ВНОШ № 1 “Үнүгэсчээн” начаалынай кылаас оҕолорун ааҕар бөлөҕө,
- ВСОШ № 3 «Уолан» үрдүкү кылаас уолаттарын ааҕар бөлөҕө,
- БПК устудьуон уолаттарын ааҕр бөлөҕө,
- “Сэгэйэ” педколледж преподавателлэрин, үлэһиттэрин ааҕар бөлөҕө.