Балаҕан ыйын 4 күнүгэр үөрэхпит кыһатын актовай залыгар Саха Республикатын дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын миниистирэ Афанасий Семенович Владимировы кытта көрсүһүү буолла.
Афанасий Семенович ыччат политикатын сүрүн хайысхаларын, анал программаларга туох үлэ бара турарын, эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн министерствотын аатыттан туох көрүллэрин, былаанын кэпсээтэ. Мустубут устудьуоннар уонна эдэр ыччат ыйытар боппуруостарыгар эппиэттээтэ.