Ыам ыйын 22 күнэ — сааскы Ньукуолун. Алын кылаас учууталларын бэлэмниир салаа үгэскэ кубулуйбут тэрээhинин салама ыйааhынын сиэрин-туомун хас биирдиибит эдэрдиин-эмэнниин күүтэбит, кэтэһэбит.
Сааскы Ньукуолуну көрсө, күөххэ үктэммиччэ айыыларга, сир-дойду иччилэригэр сүгүрүйэ саха тылын преподавателэ Софронеева Мария Андреевна саламанан симээһин сиэри-туому толорууну саҕалаата, 9 туруйа уолаттар, 7 кыталык кыргыттар алгысчыты арыаллаан битийэн киирдилэр. Айылҕа сүдү күүстэригэр итэҕэйии, өбүгэ сиэрин-туомун илдьэ сылдьыы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанара үөрүүлээх.
Бу күүтүүлээх улахан тэрээһиммитигэр, төһө да халлааммыт тымныытын иһин, устудьуоннар, үлэhиттэр тоҥору-хатары аахсыбакка, олус сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик кыттыбыттарын бэлиэтиэххэ наада. Саха омук төрүт үҥкүүтүттэн-оһуокай күрэҕиттэн саҕалаан, араас күрэхтэр ыытылыннылар, дьоро күммүт «Көрдөөх-нардаах эстафетанан» түмүктэннэ.
Түгэнинэн туһанан, иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыппыт салаабыт сэбиэдийиссэйигэр Назарова Валентина Максимовнаҕа, көхтөөхтүк кыттыбыт ыалдьыттарбытыгар, устудьуоннарбытыгар барҕа махтал буолуохтун! Барыгытыгар ыам ыйын ыраас халлаанын курдук киэҥ-куоҥ санааланаргытыгар, күлүмүрдүүр күнүн курдук кэрэ мичээр аргыстанаргытыгар, от-мас силигилээн, көҕөрөн турарын курдук куруук эдэр буоларгытыгар баҕарабыт!
Анжелика КОЛТОВСКАЯ, алын кылаас учууталларын бэлэмниир салаа тьютора