«Хомуспут, алыптаах хомуспут

Сахалар киэн туттар сулуспут,

Абырал алыба иэҕиилээх,

Дьылҕаны арчылыыр иэйиилээх»

Хомус — саха норуотун ааспыт олоҕун историятын арыйан көрдөрөр, кэнэҕэски ыччакка кэпсиир сүдү суолталаах, духовнай култуурабытын байытар үтүө дьылҕалаах саха омугун киэн туттуута, музыкальнай искусствотын чуор куолаһа буолар.

1990 сыллаахха Дьокуускай куоракка сэтинньи 30 күнүгэр Аан дойдутааҕы  Хомус түмэлэ тэриллибитэ. Ол чэрчитинэн бу күн 2011 сыллаахха Ил Дархан Егор Борисов уурааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Хомус күнүнэн биллэриллибитэ.

Бу кэрэ бэлиэ күн чэрчитинэн Н.Г Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжка Хомус күнүн бэлиэтээтилэр. Надежда Слепцова «Хомус» ырыатынан, «Айылгы» ырыа уонна үҥкүү народнай коллективын фольклорнай бөлөҕө уонна эбии үөрэхтээһин салаатын устудьуоннара кыттыыны ыллылар.

«Хомус төрүт култуурабытын сайыннарарга, иннибит диэки хардыылыырбытыгар үйэлэри, көлүөнэлэри ситимниир арахсыспат аргыспыт буолар уонна буолуо» диэн эрэнэн туран тарҕастылар, бу тэрээһини түмүктээтилэр.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.