«Туох үчүгэй барыта буукубаартан саҕаланар эбит, быһыыта» диэн эппит Суорун Омоллоон. Муударай тыллары анаардахха, чахчыта, үөрэхтээх, киэҥ билиилээх, өйдөөх- төйдөөх эрэ буоллахха үчүгэйгэ тиксэриҥ үгүс буолар. Оттон оннук буоларга уһуйуллуу оскуолаттан саҕаланар, чуолаан букубаартан. Оскуола боруогун аан бастаан атыллаан киирэр кырачааннары билии төрдө — үөрэх киэҥ аартыгар үктэниилэригэр, биллэрин курдук, букубаар олук буолар. Үгүс көлүөнэлэр тухары бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ “А”-тан, “Б”-тан саҕалаан буукубалардыын билсиһэр, ааҕарга-суруйарга хардыы оҥорор маҥнайгы кинигэлэрэ — букубаар. Омугуттан тутулуга суох киһи-аймаҕы үөрэхтээх оҥорбут букубаардар араас норуоттар тылларынан бэчээттэнэн тахсаллар. Г.С.Донской аатынан Бүлүүтээҕи Норуот үөрэҕириитин мусуойугар 1923сыллаахха тахсыбыт “Сурук-бичик” диэн сахалыы букубаар дьиҥнээх бэйэтинэн хараллан турар уонна бу манна Сэбиэскэй Сойуус норуоттарын букубаардара 200-тэн тахса ахсаанынан баар. Бириэмэ ирдэбилинэн букубаар олус элбэхтик уларыйар, ол гынан баран, сүрүн соруга — оҕолору ааҕарга үөрэтиитэ хаһан да халбаҥнаабат. Букубаар сүдү суолтатын өссө төгүл үрдэтэн, Н.Г.Чернышевскай аатынан кэллиэскэ баар “Учуутал аллеятыгар” “Букубаар” диэн бар-дьон болҕомтотун тардар арт-объект турда. Тэрээһин кэскиллээҕин, наадалааҕын, ураты суолталааҕын биһирээн диэбиттии, көмүс күһүн биир чахылхай сылаас күнүн бэлэхтээн, элбэх ахсааннаах мустубут дьону — сэргэни сүргэтин көтөхтө, уопсай үөрүүнү аҕалла.
Устудьуон, үлэһит, ыалдьыт аллеяны тобус толору тоҕуоруста. Республика култууратын үтүөлээх үлэһитэ, училищеҕа олоҕун анаабыт Е.Д.Олбутцева кэрэ куолаһа, училище гииминэ буолбут ырыалара ыраахтан дуораһыйан, истибити эрэ уйадыта долгутта.
Аллеяҕа үөрүүлээх көрсүһүүнү выпускниктарбыт Галина Анисимова, Надежда Тимофеева, Василий Николаев “Учууталга махтаных” диэн ырыанан арыйдылар. Ырыа долгураныгар уйдаран, истээччи оскуола сааһын, уруоктарын, октябренок, пионер, комсомол буолан ылбыт кэмнэрин эргитэн ыллаҕа, олоҕун түһүмэхтэригэр алтыһан ааспыт учууталларын номоҕон мөссүөннэрэ хартыына курдук көстөн аастахтара. Ырыа күүстээх абылаҥа тэрээһин кыттыылаахтарын тосхойбут күн долгунугар киллэрдэ, түмэ тутта.
Кэллиэс дириэктэрэ И.И.Алексеев үөрэх сыла саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ, коллективка үбүлүөйдээх сылга ханнык саҥа соруктар туралларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна Сэбиэскэй Сойуус норуодунай учуутала М.А.Алексеев аатын үтүө холобур, суолдьут сулус оҥостон, устудьуоннары ситиһиилэргэ, үүнүүгэ-сайдыыга ыҥырда.
Сүрүн ыалдьыттарынан буоллулар, кэллиэскэ тирэх оскуола статуһун ылар №1 алын сүһүөх оскуолаттан республика үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, “Бүлүү кэллиэһин чулуу выпускнига” анал ааты ылбыт С.А.Доранова маҥнайгы кылааска көрсүбүт оҕолоро. Кинилэр дьоһуннук туттан, букубаардарын иннилэригэр уктан туран, оскуола, учуутал туһунан хоһоон ааҕан чоргуттулар. Барахсаттар ис киирбэхтик саҥаран-иҥэрэн, көрөн-истэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ — киһи манньыйар, харах халтарыйар мааны көстүүтэ буолла. Бырааһынньык сиэрин — туомун толорон, кэллиэс дириэктэрэ И.И.Алексеев минньигэс бэлэхтэри туттартаан, оҕолор үөрүүлэрин үрдэттэ.
Бу кэрэ бэлиэ күн Үөһээ -Бүлүү Харбалааҕыттан Н.Г.Золотарев — Якутскай, Советскай Союз Геройа Н.С.Степанов ааттарын чиэстээхтик сүгэр №3 орто оскуолалаларыттан кэллиэһи араас сылларга бүтэрэн, бу үөрэх кыһаларыгар үлэлии сылдьар учууталлар, уһуйааччылар анаан-минээн кэллилэр. Оскуолалар дириэктэрдэрэ, 2004 с. выпускник В.А.Руфов уонна 2007 с. выпускник Иннокентьев Г.В. бэйэлэрин эҕэрдэлэригэр бу курдук эттилэр: “Идэ ылбыт, олохпут туһаайыытын ыйан биэрбит махталлаах үөрэхпит кыһатыгар сэмэй бэлэх оҥорон, “Букубаар” арт-объегы үптээн туруорбуппутуттан астынабыт, инникитин сибээспитин бөҕөргөтөргө баҕабыт, былааммыт элбэх. “Учуутал аллеятын” көрөн сөхтүбүт, ханна да тэҥэ суох бэйэтэ уникальнай музей диэн сыаналаатыбыт уонна киэн туттабыт”.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, кэллиэс 100-с сыллаах үбүлүөйдээх сылын көрсө республикаҕа биллэриллибит “Маҥнайгы учууталым” диэн кинигэ сиэрийэтигэр кыттыһар баҕатын Республика үтүөлээх учуутала, училищены бүтэриэҕиттэн 50-ча сыл харыс да халбарыйбакка алын сүһүөх кылаастарга учууталлыы сылдьар Ульяна Егоровна Софронеева этиннэ. Педагогическай үлэ ветерана “Биһигини туһалаах дьон, идэҕэ бэриниилээх, үөрэхтээх, ситиһиилээх буоларга такайбыт тапталлаах учууталларбытыгар уонна сылаас уйабытын бу курдук сайыннара, үрдүккэ көтүтэ туруҥ”,- диэн, бүгүҥҥү үлэһит коллективка махтанна.
Биир идэлээхтэрбит Чувашияттан, Калмыкияттан, Бурятияттан, Калмыкияттан, Саратов куоракка баар Н.Г.Чернышевскай уһаайба-музейыттан кэтэхтэн кыттан, тэрээһини Российскай таһымнаатылар, маны тэҥэ республика араас улуустарыттан букубаардаах хаартыскаларынан эҕэрдэ ыыттылар. Кэллиэс ветераннарын ааттарыттан Россия орто анал үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ В.К.Кузьминична “Учууталга” ырыата киэргэттэ. Түмүккэ, арт-объект таһыгар өйдөбүнньүк хаартыскаларга түһүү тэрилиннэ, профком уонна устудьуоннар “100 сыл ЯАССР, БППК” суруктардаах минньигэс туортарынан күндүлээтилэр.
“Учуутал аллеятын” ис хоһоонун толорор-байытар сыаллаах үлэ тохтообот, выпускниктар кылааттарын киллэрсэ тураллар. Бу күннэргэ Лөкөчөөнтөн, Мэҥэ-Хаҥаластан ыччаттарбыт көмөлөрүнэн аллеяҕа киирии суруга ыйанна.
Үбүлүөйбүтүн көрсө бэлэмнэнии бара турар. Республика таһымыгар хамыыһыйа тэриллэн, бу үөрэх сыла барыта 100-с сылбытыгар ананар.
Светлана Мытник