Кулун тутар 16 күнэ саха норуотун дьонугар бэлиэ күн. Бу күн саха литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах поэт, саха бастакы учуонайа, бөдөҥ общественнай деятелэ Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сааһын туолар бэлиэ күн.
Саха литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 1877 сыллаахха кулун тутар 16 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Кини бастакы айымньытын, «Байанай алгыһын» 1900 с. суруйбута. Ити сыл саха суругунан литературатын төрүттэммит сылынан аа5ыллар. Саха бастакы поэта поруот уус-уран айымньытыгар уонна нуучча литературатын демократическай үгэстэригэр тирэ5ирэн, отуттан тахса хоһоону, поэманы айбыта. Олортон «Ойуун түүлэ» поэма (1910 с.) уһулуччу чорбойор.
Айар үлэтин науканы кытары дьүөрэлэһиннэрэн, саха тылын, диалегын, өһүн хоһоонун,үгэһин, сиэрин-туомун, сирин-дойдутун, отун-маһын, хамсыырын-харамайын үөрэтиигэ оло5ун үгүс өттүн анаабыта.
Бу күн Н.Г’Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжка үрдүк таһымнаах тэрээһин буолан ааста.
Үөрүүлээх тэрээһин линейкаттан саҕалаан «Оттоку олук алгыһа», «Сайын кэлиитэ» курдук уһулуччу айымньылара ааҕылыннылар.
Күнүс 16:00ч, аактабай саалаҕа «Өксөкүлээх — биһиги сирдьиппит» ааҕыы түһүлгэтэ тэрилиннэ. Манна Бүлүүгэ үлэлээбит сылларын туһунан М.А.Саввинова сырдатта. Устудьуоннар айымньыларыттан быһа тардыыны итэҕэтиилээхтик ааҕан дьон болҕомтотун тартылар.
Бүтэһиккэ » Өксөкүлээх Сарадаҥата» айар тыл аҕатын үйэтитэр сыаллаах чүмэчи уматан кэриэстээтилэр. Бу курдук ыччаты сырдыкка, кэрэҕэ угуйар иитэр сыаллааах А.Е.Кулаковскай аата өссө да үйэлэргэ унаарыйа туруо.