Төрөөбүт төрүт тыл
Сөрүүн сүөгэй курдук
Сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр,
Убаҕас отон уутун курдук,
Улахан куйааска утаҕы аһарар,
Сырдьыгыныы көөнньүбүт
Сылгы кымыһын курдук,
Тостор куйааска
Тоҕулу ханнарар…
(«Төрөөбүт тыл» А.А. Иванов – Күндэ)
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ-сайда турдун! Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбүт тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына – тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүгүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ!
Олунньу 13 күнүн көрсө Республика үрдүнэн араас таһымнаах тэрээһиннэр буолаллар. Биһиги колледжпытыгар олунньу 13-17 күннэригэр быйылгы үөрэх дьылыгар сылын аайы ыытыллар тыл күнүгэр үөрүүлээх тэрээһин устудьуоннарга, үлэһиттэргэ линейка, «Кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах сахам мндар саҥата» уус-уран ааҕыы, хоһоон айыы күрэҕэ, норуот тылынан уус-уран айымньы көрүҥүн толоруу курдук күрэхтэр ыытылыннылар.
Быйылгы дьылга куйаар ситимин нөҥүө Төрөөбүт төрүт тылы төһө билэҕин? онлайн-тест оҥорон тута бэйэ билиилэрин бэрэбиэркэлэннилэр. «Кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах сахам мндар саҥата» уус-уран ааҕыы биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн аахтылар. Тойон сүбэ төрөөбүт төрүт тылынан сөпкө хомоҕойдук саҥарыыны, хоһоонунан айымньыларга ааҕааччы болҕомтотун тардыы дьоҕурун сыаналаатылар. Уопсайа 4 күрэх түмүгүнэн 300-тэн тахса устудьуон кыттыыны ылан, бэйэлэрин кыахтарын, билиилэрин тургутан көрдүлэр.
Үөрүүлээх тэрээһин линейкаҕа уус-уран ааҕыы умсулҕаныгар угуттаран, «Айылгы» ырыа-үҥкүү народнай колектива кыттыылаах, түмүккэ күргүөм тойугу дьиэрэтэн сахалыы тыыҥҥа ыллардыбыт.
Бу курдук Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжка төрөөбүт тыл күнүн көрсө араас таһымнаах күрэхтэр, тэрээһиннэр ыытыллаллара сылтан сыл аайы кэҥии, сайда туруохтун, устудьуоннар төрөөбүт тыл сүмэтин, эриэккэһин, кэрэтин иҥэринэллэрин ситиһэргэ дьулуһабыт.