Билиҥҥи үйэҕэ эдэр ыччат ордук сөбүлээн бөлөҕүнэн үҥкүүлүүр буолла. Ол курдук ахсынньы 2 – 6 күннэригэр колледжпыт иһинэн устудьуоннар ардыларыгар олус тыҥааһыннаах сонун күрэх – флешмоб батл буолла.Уопсайа 14 бөлөх кыттан чаҕылхай бэлэмнээхтэрин көрдөрөн чиэстэрин көмүскээтилэр. Бары да үрдүк таһымнаахтык киирсэн уустук түмүк кэннэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан:

1 м – 311 алын кылааһы үөрэтэр салаа

2 м – 321 оскуола иннинээҕи оҕолору иитэр салаа

3 м —  371 эбии үөрэхтээһин салаа группалара буоллулар.

Эдэр – сэнэх эрдэхтэн ырыа – үҥкүү аргыстаах , айар – тутар дьоҕурдаах күннэрбитин үөрүү – көтүү , ытыс доҕуһуоллаах атаардыбыт.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.