«Кэриэhим кэннибэр хааларым

Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…»

П.А.Слепцов — Ойуунускай 125 сылын көрсө

Ахсынньы 7-8 күннэригэр Саха советскай литэрэтиирэтин төрүттээччи, бөлүhүөк суруйааччы, бөдөн общественнай-политическай деятель, лингвист-учуонай П.А. Ойуунускай тереебутэ 125 сылыгар аналлаах колледж устудьуоннарыгар «Мин аатым ааттаныа, мин ырыам ылланыа» уус-уран бөлөҕүнэн  ааҕыы уонна «Ойуунускай суолунан» ытыс тыаһынан доҕуһуоллаах уус-уран туруоруу күрэ5э буолан ааста. Хас биирдии күрэххэ устудьуоннар эрэ буолбакка, учууталлар, үлэһиттэр эмиэ ис санааларын ууран туран дьүүллүүр сүбэ улахан болҕомтотун, көрөөччү биһирибэлин ылыан ыллылар.

Уус-уран аа5ыы күрэ5ин түмүгүнэн кыайыылаа5ынан уонна Ойуунускай оруолун итэ5этиилээхтик арыйбыт бөлө5үнэн эбии үөрэхтээһин салаата. Иккис миэстэ5э алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир салаа та5ыста. Ỳһүскэ прикладной информатика салаатын бөлө5ө. Маны таһынан дьүүллүүр сүбэ анал ааттары туттарда «Иэйиилээх аа5ыы», «Кэскиллээх аа5ыы». «Итэ5этиилээх уобарас» П.А.Ойуунускай уобараһын толору арыйбыт эбии үөрэхтээһин салаа устудьуонунан Василий Николаев та5ыста.

Испиктээкили  улахан артыыстартан уратыта суох киһи ис дууһатын таарыйардыы, оруолларын толору арыйан оонньоотулар. Уопсайа 5 бөлөх кыттыбытыттан: 1 м – эбии үөрэхтээһин салаата , 2м – алын кылаастар учууталларын бэлэмниир салаа , 3м — прикладной информатика салаата баһылааннар үрдүк наҕарааданы туттулар , инникитин үүнэ – сайда туралларыгар көмө буолуо диэн эрэнэбит.


Бу курдук биһиги устудьуоннарбыт үрдүк таһымнаахтык иннилэрин биэрбэккэ хас биирдии күрэххэ кыттаннар бэйэлэрин кылааттарын уган иһэллэрэ улахан ситиһии буолар.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.