Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Булуутээҕи педагогическай колледж студеннара уонна улэһиттэрэ “Күөх Россия” акция чэрчитинэн айылҕаны ыраастааһын субботнигар таҕыстылар. Маннык тэрээһиннэри өрө тутар буоламмыт — хас биирдии устудьуон өйүнэн-санаатынан айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах буолар. Уопсайа 500-чэ устудьуон, 60-ча уьуйааччы кыттыыны ыллылар.
Бу курдук бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, өйдөһөн-өйөһөн барытыгар көхтөөхтүк кыттан иһэбит!
Дайаана Филатова,
112 группа устудьуона