Бу күннэргэ, а.э. Кулун тутар 28,29,30 күннэригэр Бүлүүтээҕи педагогическай колледж төрүттэммитэ  95 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэр буола тураллар.

С 28 марта  начались юбилейные мероприятия в ГБПОУ “Вилюйский педагогический колледж имени Н.Г. Чернышевского” в честь 95 летия со дня основания колледжа. Первый день юбилейных мероприятий начались с Республиканской научно-практической конференции “Профессиональный рост педагога в современной образовательной ситуации”.

Үбүлүөйдээх өрөгөй күн саҕаланна научно-практическай конференцияттан. Тэрээһин саҕаланыыта колледж директора

Семен Викторович Ивановтан кылгастык кэпсииригэр көрдөстүбүт:

— Бастатан туран бырааһынньыгынан.

— Эһигини эмиэ.

— Үбүлүөйбүт бастакы күнэ хайдах ааһан иһэрий?

— Биһиги юбилейнай мероприятиларбыт, өссө бү үөрэх дьыла саҕаланыыта, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, үөрэх министерствотын бирикээһинэн бигэргэтиллибитэ. 1922 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр 2 ступеннаах оскуола педагогическай кылаастара аһыллыннаҕа дии, оччотооҕуга. Инньэ гынан, саҥа республика биир бастакы дьаһала бу  Бүлүүгэ учууталлары бэлэмнииргэ оскуола арыйыахха диэн. Ол иһин, бу бирикээс тахсан, эрдэттэн бигэргэтиллэн сааскы каникул кэмигэр учууталлар оскуолаттан быыстанан, оҕолортон бокуойданан кэлэр-барар, айанныыр кэмнэригэр, суолбут алдьана илигинэ бу республиканскай научно-практическай конференция тэрийиэххэ диэн быһаарыллыбыта. Онон бу конференция юбилейбыт бастакы күнүгэр буолар. Сарсын выпускниктарбыт, бэтэрээннэрбит айаннаан кэлиэхтэрэ.

Бу бастакы күн «Профессиональный рост педагога» диэн конференцияннан саҕаламмыта мин көрдөхпүнэ саамай сөп курдук. Тоҕо диэтэххэ, биһиги учууталлары бэлэмниир үөрэх тэрилтэтэ буоларбыт быһыытынан, выпускниктары эрэ буолбакка, оскуола5а, детсадка, эбии уерэхтээһин эйгэтигэр улэлиир улэһиттэргэ барыларыгар методическай, научно-практическай көмөнү оҥоруохтаахпыт. Биһиги Бүлүү бөлөххө баар суох улахан үөрэх тэрилтэтэ буоллахпыт дии. Ол иһин былыр былыргаттан элбэх үчүгэй этиилэрдээх, саҥалыы көрүүлэри киллэрбит элбэх учууталы бэлэмнээбит үөрэх тэрилтэтэ буолабыт. Конференция бэйэбит 95 сылбытыгар уонна А. С. Макаренко 130 сааһыгар аналлаах. Ону таһынан, бүгүн кэлэн билбитим, БПУ бастакы директора Новиков Петр Васильевич эмиэ 130 сааһа эбит.

Тоҕо Макаренконы кытта холбоотубут диир буоллахпытына: биһиги учууталлары бэлэмниир үөрэх тэрилтэтэ буоларбыт быһыытынан оҕону детсадтан оскуоланы бүтэриэр диэри  үөрэх систематыгар илдьэ сылдьабыт. Бу 17 сыл тухары илдьэ сылдьыбыппыт түмүгэр, оскуоланы бүтэрэр сылыгар, нууччалыы эттэххэ, «сформировавшаяйся личность» тахсар. Оҕону иитии, үөрэҕирии бастакы сыала диэн этиэм этэ. Ити Макаренко бэйэтин систиэмэтэ. Онон, бу конференцияҕа биһиги оҕону иитиигэ улахан болҕомтону уураарыбыт Макаренко 130 сааһыгар сыһыардыбыт. Бу билигин үөрэнэ сылдьар устудьуоннары араас эйгэнэн иитэн таһаарыахтаахпыт. Ким эрэ спорт, культура, хоһоон айар, журналист буолар дьоҕурдаах. Ол иһин хас биирдии устудьуон, колледж выпускнига бэйэтэ оҕоҕо интэриэһинэй буолуохтаах.

— Тугу баҕарыа этигитий?

— Саамай улахан баҕам диэн, бу  бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ учууталлар, баспытааталлар, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрэ манна кэлэн атын дьону истэн, бэйэлэрин опыттарын тарҕатан, тугу эмит саҥаны бэйэлэригэр истэн, арыйан, туох эмэ проегы үөскэтэн бараллара буоллар диэн.

На наш юбилей приехал специально приглашенный гость, доктор педагогических наук, профессор Калмыцкого государственного университета  Аркадий Борисович Панькин, вот что рассказал вкратце нам:

— Аркадий Борисович как проходят первые юбилейные дни

— По моему мнению, нормально, насыщенно. Программа, что задумано реализуется. Все здорово.

— Как проходит НПК?

— Также нормально. Я не могу ругать то что, где я сам участвовал.

— Какая у вас тема?

— «Формирование педагога-мастера в условиях системы непрерывного образования».

— В чем актуальность?

— Учитель должен быть мастером своего дела. Владеть обстановкой, ситуацией, состоянием своей души и здоровьем своих учеников.

— Ваши пожелания колледжу?

— Развиваться.  Становиться колледжем, который выпускает бакалавров. И достойно на хорошем уровне, со спокойной душой, подготовиться и встретить 100-летие колледжа.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.