М. Н. Жирков утумун сал5ааччы

Бу күннэргэ улуус баһылыга С.Н.Винокуров быһаарыытынан, уон үс киһиттэн састааптаах хамыыһыйа тэриллэн М.Н.Жирков мемориальнай мусуойун тэрийэн үлэлэппит САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, музыкант, мелодист, энтузиаст- учуутал Бүлүүтээҕи педучилищеҕа саха тылын, музыка преподавателинэн тахсыылаахтык үлэлээн ааспыт Санников В.И. төрөөбүтэ 80-с. туолуутун Бүлүүтээҕи педколледжка, куорат оскуолаларыгар үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтилэр. Киһи олоҕо оҥорбут үтүө өрүттэринэн сыаналанар. В.И.Санников 27 сыл устата Бүлүү училищетыгар үөрэнэн, тулаайах уол бэйэтин тус дьүккүөрүнэн, дьаныарынан, айылҕата анаабыт абын-хомуһунун сайыннаран, байытан, бэйэтин кыаҕынан эрчиллэн музыкаҕа оонньуурга үөрэтиини киллэрбитэ, үс оркестры: духовой, эстраднай, народнай оркестры тэрийэн нэһилиэнньэ культурнай олоҕун сырдаппыта.

В.И.Санников дьоһун үтүөтэ – саха бастакы профессиональнай композитора М.Н.Жирков олоҕун, үлэтин 10 сыл чинчийэн, научнай төрүккэ олоҕуран мемориальнай музейы арыйан үлэлэппитэ тугунан да кэмнэммэт сырдык сыратын, өркөн өйүн туоһута. Төһө да кэм кэрдии ааспытын иһин, кырдьык кыайан, улуус салалтата кини сыралаах үлэтин сыаналаан, үбүлээн, “Алаас” кинигэ издательствотын “Саха сирин үтүөкэн дьоно” сиэрийэҕэ кинигэ бэчээттэтэн таһаарда.

Улахан учуутал төрөөбүтэ 80 с. сыһыаран билиһиннэрэр тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Тохсунньу 18 күнүгэр Бүлүү педколлеһыгар бэлиэтээһини үөрүүлээхтик арыйыы буолла. Үөрүүлээх линейкаҕа В.И.Санников кэллиэгэлэрэ, үөрэппит оҕолоро, Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн аҕыс киһиттэн састааптаах делегация кэлэннэр, Улахан учууталы ахтан-санаан аастылар. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы В.Ф. Тихонова, эҕэрдэтин этэн туран, М.Жирковка анаан тахсыбыт альбому, кинигэлэри кэргэнигэр Нина Егоровна Санниковаҕа, кыыһыгар Айталинаҕа туттартаата.

Дүллүкүлэр III — с куурус устудьуонугар, спорт маастара Айаан Чооруосапка В.И.Санников аатынан стипендияны туттардылар.

Ол кэннэ В.И.Санниковка үлэлээбит сиригэр, Учуутал мусуойун истиэнэтигэр, дьиэ кэргэнэ үйэлэргэ өлбөөдүйбэт бэлиэни, мемориальнай дуосканы, арыйдылар.

Күнүс  2 чаастан М.Н.Жирков стендэтин таһыгар В.И.Санников кинигэтин сүрэхтээһин саҕаланна. Кинигэ ааптардара п.н.к. У.Ф.Кондакова, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ Н.Е.Санникова. Кинигэ 4 бастан турар. Киириитэ улуус баһылыга С.Н.Винокуров ыстатыйатыттан саҕаланар.

Кинигэ 1 баһа “В.И.Санников саха бастакы профессиональнай композитора М.Н.Жирков мемориальнай музейын тэрийээччи” диэн ааттаах. Бу баһы автор Кондакова У.Ф. ырытта, быһаарда, билиһиннэрдэ. 2 бас “В.И.Санников кэрэ эйгэлээх киһи”. Маны музыка искусство оскуолатын преподавателэ СӨ үөрэҕин туйгуна Е.А.Маныкина кэпсээтэ. Быыһыгар музыка искусствотын оскуолатын народнай оркестра хас да эҕэрдэ нүөмэрдэри биэрдилэр. Кэрэ эйгэлээх киһи ыччаты музыкальнай үөрэхтээһиҥҥэ киллэрбит кылаатын кини үөрэппит оҕолоро кэпсээн кэҥэттилэр, мелодист суруйбут ырыаларын преподавателлэр толорон иһитиннэрдилэр, “Айылгы” народнай ансамбль ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ эҕэрдэ нүөмэрдэринэн ситэрдилэр.

Ордук дьоһуннаах кэпсэтии «Улахан учуутал” диэн бас тула барда. Үөрэппит оҕолоро бүгүҥҥү сиппит-хоппут учууталлар СӨ үтүөлээх учуутала У.Е.Софронеева, Үөһээ Бүлүүттэн Л.Сидорова, Бүлүүттэн Н.Николаев, П.Томская, Е.Сотрудникова уо.д.а. истэриттэн иэйэн-куойан аҕыннылар.

4 баһы сырдатыыга кыттыыны ыллылар: Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы В.Ф.Тихонова, РСФСР үтүөлээх бырааһа Н.В.Матвеев, Санников В.И. күнү көрдөрбүт соҕотох оҕото Айталыына, олоҕун доҕоро буолбут Н.Е.Санникова. Кинилэр В.И.Санников оҥорбут үтүөтэ салҕаныаҕын музейа  тиллиэҕин, кини аатынан уулусса баар буолуоҕун ыйдылар, кини олохтообут оркестрдарын тилиннэрэр боппуруостары туруордулар. Онон кинигэ  сүрэхтэниитэ дьыалабыай кэпсэтиигэ кубулуйда, инникитин туох эмэ туһалаах тэрээһиннэр ыытыллыахтарыгар эрэли үөскэттэ.

Тохсунньу 19 күнүгэр, В.И.Санников  80 туолар күнүгэр, куорат оскуолаларыгар кини үөрэппит учууталлара иһитиннэриилэри оҥордулар, педколледжка салаалар икки ардыларыгар Учуутал мусуойугар музыкальнай тыл оонньуута ыытылынна, бу дьиэҕэ В.И.Санников күн сириттэн күрэниэр  диэри үлэлээбитэ, үлэтин түмүк отчуотун оҥорбута. Тыл оонньуутун кыттыылаахтара бары кичэйэн бэлэмнэммиттэр, идэҕэ сыһыаннаах сорудахтарга толору эппиэти биэрдилэр, идэлэрин ис хоһоонун өйдүүллэрин, учууталларын холобурдаан, учуутал хаачыстыбаларын билэллэрин көрдөрдүлэр. Түмүгэр ПДО хамаандата – 1, ОПУНК – 2, ДО – 3 миэстэни ыллылар.

Күндүтүк саныыр кэллиэгэбит сырдык мөссүөнэ, үлэһит үтүө хаачыстыбалара, айдарыылаах талба талаана, Учуутал быһыытынан уратыта өрүү тыыннаах холобурунан буолуоҕа,   учуутал буолар ыччаты иитиигэ суолдьут сулус буоларынан уратыланыаҕа.

У.Кондакова, п.н.к., үөрэнээччитэ, кэллиэгэтэ

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.