Кулун тутар 30-31 күннэригэр Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педколледж иһинэн 1992 с. арыллыбыт “Саха филологията, культурологията” салааны бүтэрбит көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ сылаас истиҥ быһыыга-майгыга тэрилиннэ. Үбүлүөй үөрүүтүн үллэстэ М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу – Илиҥҥи омуктар тылларын, култуураларын үөрэтэр үнүстүүттэн 10 киһиттэн састааптаах делегация кэлэн бэйэлэрин идэлэрин хайысхатынан анал былаанынан үлэлээтилэр. 17 сыл бииргэ үлэлээн “Колледж – үрдүк үөрэх” тиһигин олоххо киллэриигэ алтыспыт кэмнэрин сыаналаан тэрээһиҥҥэ кэлэн, инникитин бииргэ үлэлээһини сөргүтэр туһунан кэскиллээх кэпсэтии буолла. 90-ча араас кэмнэргэ саха салаатын бүтэрбит ыччат мустан, чахчы даҕаны “Ахтылҕан арылы кустугар” куустаран ыллаатылар–туойдулар, үөрдүлэр-көттүлэр, былааннаммыт тэрээһиннэри ситэрэн-хоторон, сэргэхситэн бардылар.
Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ кулун тутар 30 күнүгэр сиэр-туом толоруутунан, эҕэрдэ тылларынан саҕаланна. Училище 1995 с. бүтэрбит бастакы хараҥаччыларбыт И.С.Каратаева тойуктаан доллоһутан саҕалаата, салааттан бастакы Өксөкүлээх Өлөксөй стипендиятын ылбыт, үөрэх туйгуна, бүгүн СӨ култууратын туйгуна, ДьТХКК дириэктэрэ Л.Н.Калачикова эҕэрдэлээтилэр. СГУ саха салаатын бакылтыатын дэкээнэ ф.н.д. бэрэпиэссэр Г.Г.Филиппов, биһиги салаабыт арылларыгар идея укпут, тэрийсибит киһи, истиҥник эҕэрдэлээтэ, ситимнээх үлэ суолтатын бэлиэтээн эттэ.
Үбүлүөйгэ анаан колледж бэчээттиир киинин сэбиэдиссэйэ п.н.к. У.Ф.Кондакова “Саха салаата – сайдыы аартыга” диэн ааттаах кинигэтэ таҕыста. Бу кинигэ ис хоһоонунан оҥоһуллубут истиэндэни үөрүүлээхтик арыйыы буолла. Оҕолор истиэндэҕэ хаартыскаҕа түһэн, урукку үөрэммит кэмнэрин эргитэн ыллылар.
Үбүлүөй үөрүүтүн үллэстэн бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын туһунан билиһиннэрээри куурустарынан көрсүһүүгэ кытыннылар, салааларын туһунан иһирэхтик аҕыннылар.
Бу күн “Саха салаата – сайдыы аартыга” кинигэни билиһиннэрии буолла. Презентация көмөтүнэн бииртэн-биир саха салаатын үлэтэ-хамнаһа арыллан истэ. Элбэх киһи кинигэ туһунан санааларын үллэһиннилэр. ХИФУ тылы, култуураны үөрэтэр үнүстүүт дириэктэрэ, 1996 с. саха салаатын бүтэрбит, ф.н.к. Г.Г.Торотоев, п.н.к. М.Т.Гоголева, ф.н.д. профессор Г.Г.Филиппов, араас кэмнэргэ бүтэрбит бүгүҥҥү учууталлар ахтыы оҥордулар.
Ордук иһирэхтик көрсүһүү үөрүүлээх чааһа ааста. К.Каримова “Бүлүү тыына, салгына” ырыатынан саҕаланна. “Сэгэйэ” ааҕааччылар бөлөхтөрө училищены 1976 с. бүтэрбит В.Нанова – Солдатова “Кынаттаабыт кыһабыт” хоһооннорун циклиттэн аахтылар, автор эҕэрдэтин иһиттилэр. Педколледж дириэктэрэ п.н.к. С.В.Иванов истиҥник эҕэрдэлээтэ, оччотооҕу СГУ ректора и.н.д. А.Н.Алексеевка, дэкээн ф.н.д. Г.Г.Филипповка Үөрэх, наука министерствотын махтал суруктарын туттарда, саха салаатын үлэһиттэригэр улуус, куорат дьаһалталарын, педколледж администрациятын бочуоттаах грамоталарын туттарда. Эҕэрдэ тыл эстафетатын ХИФУ тыл, култуура үнүстүүтүн дириэктэрэ ф.н.к. Г.Г.Торотоев ылан дириҥ ис хоһоонноох ахтыыны оҥордо, эҕэрдэ суруктары туттарда.
Дьэ бу кэнниттэн үбүлүөйү тэрийэр хамыыһыйа быһаарыытынан үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрдээх бүтэрээччилэргэ “Добун аат” иҥэрэн, спонсордар бэлэхтэрин туттарар үөрүүлээх түгэн саҕаланна. Бастыҥтан – бастыҥнар ааттарын ыллылар:
- “Саргын” аат – бастыҥ салайааччы, 1996 с. бүтэрбит Г.Г.Торотоев
- “Аман өс” – бастыҥ үлэлээх учуутал, 1995 с. бүтэрбит Л.В.Гольдерова
- “Алгыс” – култуура бастыҥ уһуйааччыта, 1996 с. бүтэрбит А.М.Мойтохонова.
- “Чолбон” – ыччаты кыттав үлэҕэ бастыҥ, 9007 с. бүтэрбит С.С.Шамаев
- “Кэскил” – ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ бастыҥ, 1998 с. бүтэрбит И.С.Каратаева.
- “Манчаары” – успортка оҕолору уһуйууга бастыҥ, 1998 с. бүтэрбит В.Ф.Семенов
- “Эйгэ” – бастыҥ суруналыыс, 2006 с. бүтэрбит “Бүлүү – Панорама ТВ” эрэдээктэрэ А.И. Васильева.
Номинаннарга бүтэрбиттэр спонсордаан бэлэхтэри туттардылар:
Афанасьев Нь.А. – 3 №-дээх оскуола дириэктэрэ, Каратаева И.А. – урбаанньыт, У.Ф.Кондакова – 1-кы салаа сэбиэдиссэйэ, норуот маастара И.И.Акимов, хомус ууһа С.И. Акимова, Үөһээ Бүлүү баһылыгын солбуйааччы С.О.Борбуев, педколледж дириэктэрэ С.В.Иванов.
Маны тэҥэ бастыҥ үлэлээх куратордар анал ааттаах лиэнтэ кэттилэр, сыаналаах бэлэх туттулар.
«Сүүрээн” – Р.С.Семенова, СӨ үөрэҕин туйгуна, «Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайката, 5 наука кандидаттарын, 5 улахан салайааччылары иитэн-үөрэтэн таһаарбытын иһин.
“Түмсүү” – А.А.Новгородова, СӨ үөрэҕин, култуура туйгуна, олус түмсүүлээх, бэйэни сайыннарар оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаарбытын иһин.
“Аанньал” – В.П.Николаева, СӨ үөрэҕин туйгуна, РФ орто анал үөрэҕин Бочуоттаах үлэһитэ, устудьуон аймах тапталын ылбыт, аанньал курдук араҥаччылаан ииппитин иһин.
“Билим” – Д.И.Чиркоева, СӨ анал үөрэхтээһинин туйгуна, учууталларга, үөрэх ыччатыгар номууканы сайыннарбыт өҥөтүн иһин.
Преподавателэргэ хамыыһыйа аатыттан сыаналаах бэлэхтэри туттардылар.
Бу кэнниттэн “Ахтылҕан арылы кустуга” диэн саха салаатын бүтэрбит оҕолор бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, эҕэрдэлэрин эттилэр. Ырыа ымыыта, үҥкүү-битии үлүскэнэ манна буолла.
Киэһэ “Эдэр саас кэрэтэ” сынньалаҥ киэһэтэ БПК остолобуойугар үөрүү-көтүү, ырыа-тойук, оонньуу-көр доҕуһуоллаах ыытылынна.
2-с күнүгэр сарсыарда “Төгүрүк остуол” ыытылынна. Манна оскуола дириэктэрдэрэ, учууталлар, преподавателлэр, ХИФУ бэрэстэбиитэллэрэ кыттан, сэргэх сэһэргэһии, саха тылын, култууратын салгыы хайдах сайыннарар, ХИФУ-БПК сибээһи тилиннэрэр соруктар тустарынан дьыалабыай кэпсэтии, өрө күүрүү таһымыгар ыытылынна.
Мантан салгыы үнүстүүт “Араатардар күрэхтэрин” ыытта, 16 ыччат кыттыыны ылла.
Киэһэ 7 чаастан “Алгыс” сынньалаҥ киинигэр Бүлүүгэ ыытыллар “”Олоҥхо ыһыаҕар” анаан ХИФУ, БПК, “Айылгы” народнай ансаамбылга араас кэмнэргэ дьарыктаммыт ыччат кыттыылаах Улахан кэнсиэр буолла. Кэнсиэри “Айылгы” салайааччылара И.Томская, В.Томскай туруордулар. Киирбит үп “Олоҥхо ыһыаҕын” суотугар киирэр.
Түмүктээн эттэххэ, көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ 25 сыллааҕыта арыллыбыт саха салаата училищеҕа сайдыы аанын арыйбыт, училище устуоруйатыгар чыпчаал ситиһии бэлиэтинэн биир бастакынан ааттанарын саарбахтаабаппыт, салгыы үлэлииргэ, саҥа санаалары тиһэн, хамсааһын тахсарыгар эрэнэбит.
Саха салаатын бастакы тэрийээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин
үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, п.н.к. Ульяна Кондакова.