Бүлүүтээҕи педколледж “Айылгы” ырыа – үҥкүү бөлөҕүн народнай кэлэктиибэ бу күннэргэ тэриллибитэ 25 сылын туолла. 1991 с. талба талааннаах ыччаттартан таҥыллыбыт ансаамбыл, “Айылгы” диэн сүрэхтэнэн, норуот ырыатын — үҥкүүтүн 25 сыл устата ыллаан-туойан, үҥкүүлээн битийэн кэллэ.0Араас кэмнэргэ Е.Сергина, А.Мойтохонова. Г.Васильева курдук кустук өҥүнэн дьиримниир талааннаах уһуйааччылар Бүлүү ырыатын-тойугун, экспедицияҕа сылдьан хомуйан ыччаттарга үөрэппиттэрэ. Оттон И.Пахомова, В.Шадрина, Е.Васильева, В.Томскай саха үҥкүүтүн ымпыгын-чымпыгын үҥкүү хамсаныыларынан кэпсээн, кыргыттар кыталыктыы дайаллар, уолаттар хотойдуу көтөллөр. Күн бүгүн “Айылгы” ыыра кэҥээн, Аан дойдуну арҕарар айаҥҥа турунара үксээтэ, оннооҕор “Единство России” ыччат фестивалыгар Москубаҕа Гран-при хаһаайыннара буолбуттара. Оттон ансаамбыл таҥаһын — сабын ким тигэрий? Кини нап-нарын сатабыллаах иистэнньэҥ – Татьяна Гаврильевна Алексеева. Көмүс илиилээх, көмүс сүүтүктээх Р.Ю.Самсонова, Т.Г.Алексеева 25 сыл устата төһөлөөх көстүүмү тикпиттэрин ааҕан сиппэккин. Ону барытын бу “Олох оһуора” кыракый Татьяна Гаврильевна ийэтигэр махтанан таһаарбыт кинигэтигэр кэпсэнэр, доҕотторо, аймахтара, дьүөгэлэрэ Татьяна Гаврильевна айылҕаттан бэриллибит иистэнэр дьоҕурун кинигэни билиһиннэрэр кэнсиэр-презентацияҕа тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, кини тикпит таҥастарын быыстапкаҕа ыйаан көрдөрдүлэр, араас кэмнэргэ тигиллибит үҥкүү таҥастарын, дьоҥҥо тикпит сиэдэрэй тигиилэрин, сир симэҕэ — кырачааннарга тикпит оһуо-ойуу таҥастары кэтэн, хааман, муода оҥорон көрдөрбүттэрэ олус тупсаҕайдык көһүннэ. Татьяна Гаврильевнаны таҥыннарар “Айылгы” ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ кинигэтэ тахсыбытынан эҕэрдэлээтилэр. Дьэ, бу киэһэ элбэх норуот ырыаларын, үҥкүүлэрин дуоһуйуохтарыгар дылы истэн, көрөн көрөөччүлэр астыннылар, дуоһуйа сынньаннылар. Түмүгэр остуол сирэйин саҕа улахан тордунан устудьуоннары күндүлээн үөрүүлэрин үрдэттилэр. Татьяна Гаврильевна кэлбит ыалдьыттары баай – талым астаах аныгылыы фуршет тэрийэн, итии чэйинэн күндүлээтэ. “Айылгы” үбүлүөйүн I –кы түһүмэҕэ бу курдук тэрээһиннээхтик саҕаланна.
У.Кондакова, Айылгыны тэрийээччи.