«Толкуйтан тобулан» күрэхпит түмүгэ «ОПУНК» салаа нэдиэлэтин түмүгэр биллиэ.
Бу маннык тэрээһин үгэс курдук хаалларан сылын аайы салгыы туруохха наада. Устудьуон устудьуону кытары үлэлэлэһэрэ олус сатабыллаах, туһалаах. Уһуйааччы да, уһуйуллааччы да бэйэлэрин олус атын, саҥа өттүлэриттэн көрдөрөллөрө, билиһиннэрэллэрэ дьон санаатыгар, хараҕыгар хай5абылы, когулэниини аҕалар.
Иннэ диэн туран, бу «Толкуйтан тобулан» күрэхпит түмүгүнэн тэннээн көрдөхпүтүнэ устудьуоннарбыт табыгастара наһаа үрдээбит, сайдыбыт, бары өттүгэр барытыгар дэгэттэр устудьуоннар буолбуттара көстөр.
Күрэхпит кыттааччыларыгар улахан махтал, өссө да сайда, чэчирии турдуннар уонна долгуйа түмүкпүтүн күүтэбит. Ким кыахтаах, ол кыайдын!