Кылааһым 4 “Б” оҕолорун, төрөппүттэрбитин, Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх алын сүһүөх оскуолабыт коллективын, ветераннарбытын, выпускниктарбытын   30 сыллаах уопсай үлэбит түмүллэр, бэлиэтэнэр үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин

4 «б» кылаас

  Бу бэлиэ сылга улуус, республика таһымнарыгаэлбэх интэриэһинэй тэрээһиннэргэ биһиги кылаас актыыбынайдык уонна ситиһиилээхтик кытынныбыт. Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн  «Үтүө дьыала” долбууругар уонна ветераммыт Томская З.А. көмө оҥордубут.  4 оҕо,  Егорова Наташа, Яковлева Айыллаана,   Федоров Костя,  Николаева Александрина  «Сыл бастыҥ үөрнэнээччитэ» диэн анал аакка тигистилэр.  Аҕаларбыт    Яковлев И.А., Митясов И.В.,  тус бэйэлэринэн холобур буолан, “Талааннаах төрөппүт” диэн көрүүгэ, Афанасьев А.А. квест  оонньууга  ситиһиилээхтэр. 

Потапова М.К.

Оҕолорбут барахсаттар бигэ билиилээх, эргиччи сайдыылаах,   майгы-сигили, эт-хаан өттүнэн чөл туруктаах буолалларыгар учууталбыт Республика үөрэҕириитин туйгуна, методист-учуутал Потапова М.К. өҥөтө олус улахан. Кини иитэр-үөрэтэр үлэтигэр туттар методикалара, аныгы технологиялара оҕолорго тиийимтиэлэр, онон биһиги оҕолорбут үгүс сатабыллаах, сахалыы тыллаах-өстөөх, олохтоох толкуйдаах дьон буола улааталлар диэн сыаналыыбыт.  Түгэнинэн туһанан,  күндү учууталбытыгар, оскуола коллективыгар  махталбытын ыытабыт, өрөгөйдөөх юбилейынан эҕэрдэлиибит.

4 “Б» кылаас төрөппүттэрэ

Ким буолуохха?

Уруок тугэннэрэ

Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледж учуутала Мытник С.Г. уонна кини алын сүһүөх оскуолаҕа үөрэппит, билигин биир идэлээҕэ Басова Е.В буолан “Ким буолуохха» диэн  юбилейнай уруогу ыыттылар. Елена Васильевна өссө 30 сыллааҕыта улуустааҕы «Октябрь суола” хаһыакка  “мин булгуччу учууталым курдук эмиэ учуутал буолуом”  диэбит, ол хаһыаты илдьэ

сылдьарын оҕолорго көрдөрдө.  Билигин кини баҕалаах идэтин ылан колледжка учууталлыыр уонна практика салайааччыта.  Ол хаһыакка Кондакова Ася суруйбут “мин бэйэм оҕобун учууталбар үөрэтэ биэриэҕим, өскө учууталбын пенсияҕа таһаарбатахтарына” диэн. Учуутала үлэлии  сылдьар, Ася оҕотун учууталыгар үөрэттэрбитэ.

Үөрэнэрбин сөбүлүүбүн

Биһиги кылааспытыгар 10 кыыс уонна 20 уол буолан саха кылааһыгар үөрэнэбит. Мин үөрэнэрбин,  кылааспын, оскуолабын наһаа сөбүлүүбүн. Учууталбыт Мотрена Кононовна тылын  истэбит уонна бары таптыыбыт. Араас мероприятияларга куруук кыттабыт. Холобура,  Чинэкэҕэ уонна  култуура дыбарыаһыгар ырыа күрэҕэр, өссө футболга.  Кылааспытынан  И.Х. Староватов уонна Хомус музейдарыгар сылдьыбыппыт.

Потапова М.К., Басов Эльдар, Басова Е.В., Мытник С.Г.
Ийэм Басова Лена 4 «б» кылааска

Ийэм эмиэ мин курдук 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан сочинениятыгар “мин булгуччу учуутал буолуом” диэн “Олох суола” хаһыакка суруйбутун аахтарбыта, билигин кини педколледжка учууталлыыр.

Биһиги бу уруокка бары “Мин улааттахпына…” диэн туох үлэһит буолуохпутун баҕарарбытын суруйдубут уонна учууталбытыгар туттардыбыт. Кэлин, элбэх сыл аастаҕына  ааҕыахпыт диэтибит. Ийэм кылааһын  оҕолоро бары суруйбуттар, элбэх оҕо учуутал, юрист, тутааччы, быраас, спортсмен  буолуом диэбиттэр уонна үгүстэрин баҕа санаалара туолбут. Биһиэнэ эмиэ туолуоҕа. Оттон мин тутааччы, инженер уонна спортсмен   буолуохпун баҕарабын.

Эльдар Басов

Кэлэр кэмнэ сурук суруйдубут

Учууталбыт  эйэҕэс, барыбытын таптыыр

Мин убаастыыр учууталым Мотрена Кононовна Потапова 1 кылаастан наһаа үчүгэйдик үөрэтэр уонна кини эйэҕэс, барыбытын таптыыр, биһиги кинини эмиэ. Учууталбар улаханнык махтанабын,  ааҕарга-суруйарга үөрэтэригэр, элбэх билиини биэрэригэр.

Оҕолор бары  иллээхпит. Кылааһынан элбэх күрэхтэргэ кыттабыт. 1, 2 миэстэ ылааччыбыт. Мин Республиканскай, улуустааҕы уонна оскуолаҕа ыытыллар араас күрэхтэргэ, олимпиадаларга кыттан, элбэх ситиһиилэрдээхпин. Былырыын оскуолабар «Саамай көхтөөх үөрэнээччи» диэн буолбутум, наһаа үөрбүтүм, дьонум эмиэ.  Быйыл оскуола юбилейыгар «30 саамай үчүгэй үөрэнээччилэр» диэн аакка тигистим. Уонна колледжка баар “Ситии” диэн муода театрыгар дьарыктанан эрэбин, билигин научнай конференцияҕа кыттаары бэлэмнэнэбит.

Наташа Егорова, кылаас старостата

Мин туйгуннук үөрэнэбин. Олимпиадаларга, араас куоталаһыыларга кыттабын. Кэскилгэ “Юный репортер” диэн  куруһуокка дьарыктанабын. “Ким буолуохха” диэн уруогу наһаа сөбүлээтим, тоҕо диэтэххэ,   кыра саастан наһаа кыһалыннахха, баҕа  санааҥ туолар эбит диэн. Мин улааттахпына быраас буолуом этэ, дьону эмтиэм, кинилэр ыалдьыбат буолуохтарыгар кыһаллыам. Ыарыы наһаа элбэх, ол  кутталлаах дии саныыбын, мин дьон уһуннук уонна доруобай олоруохтарын баҕарабын. 

 Яковлева Айыллаана

Мин улааттахпына  инженер буолуом, ону-маны уһанарбын, тутарбын, оҥорорбун, роботехникананан дьарыктанарбын ордоробун. Бастакы кылаастан «Центр творчества” сылдьабын.  Аҕам Чиряев Д.А. кытары мастан, фанераттан, хортуонтан тугу баҕарар оҥоробут, ону наһаа сөбүлүүбүн уонна аҕабын кытары үлэлиирбин. Саамай таптыыр уруоктарым математика уонна нуучча тыла. Уонна мин өссө кылааспыт, учууталбыт тустарынан кинигэни баҕарабын. Кылааспыт наһаа иллээх, биһиги элбэх уолаттарбыт, табаарыстарым бары үчүгэйдэр. 

Чиряев Данил

Мин   бу уруокка спецназ буолуохпун баҕардым, полицияҕа үлэлиэм, бэрээдэгэ суох дьоннор суох буолуохтарын баҕарабын. Мин күүстээх уонна спортсмен буолуохпун наада. Үөрэхпэр кыһаллабын, хорошиспын. Таптыыр уруоктарым математика нуучча тыла уонна ааҕыы. Өссө «Центр творчества” баран уһанарбын, эрбиирбин иҥин сөбүлүүбүн.

Петров Миша

Мин кылааспын, учууталбын олус сөбүлүүбүн, оскуолабар куруутун үөрэ-көтө барабын. Элбэх тэрээһиннэргэ кыттабыт. Иистэнэрбин, оҕуруонан тиһэрбин, пластилинынан араас фигуралары оҥорорбун ордоробун. Улааттахпына шеф-повар буолуохпун, бэйэм ресторан арыйыахпын баҕарабын. Учууталларбын, оскуола оҕолорун барытын үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин.

Трофимова Күннэй.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.