Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун γѳрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», педагогическай наука кандидата, Н.К.Крупская педагогическай мэтээл хаһаайына, С.Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууhун уонна Тааһаҕар нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Игнатий Иванович Каратаев 100 сааһыгар аналлаах “Алын сүһүөх оскуолаҕа аныгы кэм ирдэбилинэн саха тылын үөрэтии методиката” республикатааҕы сэминээр сэтинньи 24 күнүгэр Тааһаҕар орто оскуолатыгар буолан ааста.
🛑Тэрийээччилэр:
• Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолата
• М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет педагогическай института
• Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай колледж
• Бүлүү улууһун үөрэҕириитин салалтата
🛑Семинар 3 хайысханан үлэлээтэ:
• аһаҕас уруоктар;
• маастар-кылаастар;
• дакылааттар.
Сэминээргэ 63 киһи кыттыыны ылла. Эбиэккэ диэри 9 аһаҕас уруок ыытылынна. Кэлбит учууталлар бэйэлэрэ эрдэттэн бэлэмнээбит уруоктарын 1-4 кылаастарга биэрдилэр. Учууталлар бииртэн биир интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох аһаҕас уруоктары ыыттылар. 6 маастар-кылааһы сэргии көрдүбүт. 7 дакылааты иһиттибит, устудьуоннарбыт көхтөөхтүк кыттаннар туоһу суругунан бэлиэтэннилэр.
Дьэ, ити курдук, ыытыллыбыт тэрээһинтэн улаханнык астынан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Тааһаҕар орто оскуолатын директорыгар Капитон Петровичка, бары учууталларга, үлэһиттэригэр махталбытын биллэрэбит.