Ыам ыйын 11 кунугэр РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх учуутала, педагогическай наука кандидата, Н.К. Крупская аатынан мэтээл кавалера, С.А.Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, колледжпыт 1943 сыллааҕы выпускнига Игнатий Иванович Каратев 100 сааһыгар аналлаах «Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат» диэн истиҥ көрсүһүү буолан ааста.
Ыалдьыттыы кэллилэр Игнатий Иванович биир дойдулааҕтара: Тааһаҕар оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Нахова Аида Алексеевна, Саха Республикатын уөрэҕириитин туйгуна Тааһаҕар орто оскуолатын алын кылаас учуутала Альбина Егоровна Григорьева, историяҕа учуутала Григорьев Георгий Егорович историк хараҕынан Игнатий Иванович олоҕун сылларын, сэриигэ кыттыбыт тугэннэрин биһиэхэ сэһэргээтэ, бэйэтин санааатын эттэ.
— Игнатий Иванович Каратаев – саллаат, учуутал, учуонай. Кини саха ыччатын, кэлэр кэскилин үөрэхтээһиҥҥэ үтүөнү, үйэлээҕи оҥорбут, саха омукка сыаната биллибэт кылааттаах, олоҕун бүүс-бүтүннүү анаабыт, элбэх күүһүүн-күдэҕин биэрбит киһи. 50 –тан тахса научнай үлэ, оскуола программалара, учебниктар, учебнай пособиелар, элбэх ыстатыйа, ахтыы кинигэлэр ааптардара буолар. 1942 сыллаахха Тааһаҕар оскуолатыгар учууталлыы сылдьан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыта. Украинаны, Польшаны уҥуордаан, Воронежтан Прагаҕа диэри артиллерист, минометчик, автоматчик, разведчик быһыытынан сулууспулаан, Аҕа дойдутун хорсуннук көмүскээн, 1946 сыл тохсунньу 2 күнүгэр дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Оскуолаҕа учууталлыырын уураппатаҕа. Тааһаҕар, Борҕон, Кыргыдай онтон да атын оскуолаларга үлэлии сылдьан, саха тылын үөрэтии боппуруостарынан дьарыктаммыта. 1982 сыллаахха муус устар 29 күнүгэр Москваҕа кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ. Онтон 1987 сыллаахха «Лингвистические основы обучения орфографии родного языка в начальных классах якутской школы» монографията күн сирин көрбүтэ. “Азбука”, «Саха тыла» диэн маҥнайгы, иккис кылаастарга саҥа учебниктар, үөрэтэргэ көмөлөһөр методическай ыйынньыктар суруллубуттара. Кэлин бу учебниктар хас да саҥардыллан, бэчээттэнэн тахсыбыттара. Игнатий Иванович 1961 сылтан 1988 диэри институкка олорон, онтон кэлин сынньалаҥҥа тахсан баран, кыра кылаастарга саха тылын учебниктарынан дьарыктаммыта, өйүн-санаатын, сыратын биэрбитэ, учебниктары оҥорорго олоҕун анаабыта.
Игнатий Иванович Кыайыы 50 сыла туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсө республикаҕа биллэриллибит конкурска “Саллаат суола” кинигэтэ бастакы бириэмийэни ылбыта. Бу айымньытыгар ааптар төннүбэт төлкөлөммүт доҕотторун сырдык ааттарын үйэлэр тухары кыһыл көмүс буукбаларынан суруйан хаалларбыта, төрөөбүт – үөскээбит, биһигин ыйаабыт Тааһаҕарын киэн эйгэҕэ билиһиннэрбитэ.
Начаалынай кылаас учууталлара педагог- методист Игнатий Иванович Каратаев “Азбука”, 2, 3 кылаастарга саха тылын үөрэтии учебниктарын, методическай пособиеларын педагогическай үлэлэригэр көдьүүстээхтик туһаналлар, тутталлар. Кини онорбут учебниктара саха оҕото сахалыы тылы билэригэр, үөрэтэригэр төһүү күүс буолбута.
Быйыл ыытыллыбыт “Сыл выпускнига” күрэххэ Куланова Нелли Сергеевна Игнатий Иванович туһунан кылаас чааһын үрдүк таһымнаахтык ыыппыта, ол кылаас чаастан быһа тардыыны көрдөрдө.
Игнатий Иванович Каратаев хас эмэ көлүөнэҕэ номох буолар олоҕу олорбут. Төрөөбүт дойдутун, төрөөбүт норуотун уонна төрөөбүт тылын туһугар ытык иэһин чиэстээхтик толорбут бастыҥ саха саарына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай оскуолалары чинчийэр научнай институтун чулууттан чулуу методист учуонай үйэттэн үйэҕэ аата ааттана турдун!