Сэтинньи 22-24 күннэригэр саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ буолла. Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, быйылгы сийиэскэ өрөспүүбүлүкэ бары улууһуттан 502 дэлэгээт талыллан кэлбит.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50 тыһ. тахса оҕо сахалыы үөрэнэр, 34 тыһ. оҕо саха тылын үөрэтэр. Бу көрдөрүү кэлиҥҥи алта сыл устата 11 тыһ. улаатта. Кэлимник, сыаллаахтык-соруктаахтык ыытыллар үлэ түмүгэ буолар. Ол эрээри, уустук боппуруостар билигин даҕаны бааллар. Бу хайысханы салгыы сайыннарар, тирэхтиир бары уопсай сорукпут буолар. Ол курдук, саха тылын үөрэтэр каадырдары бэлэмнээһин таһыма таһыччы улаатыахтаах. Оскуолаҕа эрэ буолбакка, уһуйааннарга кыра саастаах оҕолору төрөөбүт тылларынан иитэр-үөрэтэр исписэлиистэри бэлэмнииргэ ылсан үлэлиэхтээхпит. Манна анаан орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын бырагыраамаларыгар кэккэ уларыйыылар киирэллэрэ ирдэнэр. Маны тэҥэ, саха тыла кэлэр кэскилгэ, аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. Үөрэх кинигэлэрин, босуобуйаларын бэчээттээн эрэ буолбакка, сыыппара көрүҥүнэн таһаарыы салҕаныа. Төрүт тыллары интэриниэт ситимигэр көһөрүү күүскэ барыа. Ол курдук, “Төрүт тыллар” диэн иитэр-үөрэтэр хайысхалаах портал салгыы сайдыа. Бу портал үөрэнээччигэ, учууталга уонна төрөппүккэ төрөөбүт тылы үөрэтэргэ улахан кыаҕы биэриэхтээх. Төрүт тыллары үөрэтэр, чинчийэр уонна сайыннарар эрэгийиэннээҕи киин бииргэ сайыннарыа.
Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ сийиэс кыттыылаахтарыгар анаан ыҥырыылаах ыалдьыттар бэйэлэрин санааларын толору этинэн, ыҥырыллыбыт уһуйааччылар маастар-кылаастары көрдөрөн бэйэлэрин уопуттарын атастастылар. Н.Г.Чернышевскай аатынын Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэс саха тылын уонна литэрэтиирэтин уһуйааччылара Мария Андреевна Софронеева, Сахаяна Мироновна Варламова «Киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат» П.Н.Тобуруокап оҕолорго аналлаах айымньыларын оҕо литэрэтиирэтин ааҕыы методикатын үөрэтиигэ маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Сийиэс кыттыылаахтара 4 бөлөххө арахсан ааҕыы, ырытыы араастарын туһанан айымньылары ырыттылар, аахтылар. Сэргэх түһүмэхтэрдээх уруокка сийиэс кыттыылаахтара сэргэхсийэн дуоһуйа астыннылар.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.