«Туругура тупса тур,

Тирэҕирэ чиҥии тур,

Тоҕойдору туораан ис,

Араҕастары ааһан ис

Саргы дьаһаан Сахам тыла,

Сарыал санаам — Сахам тыла!»

Төрөөбүт тыл күнэ – саха дьонун өйө-санаата бөҕөргүүрүгэр, билиитэ-көрүүтэ дириҥииригэр олохторун анаабыт саха интеллигенциятын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэригэр, учуонайдарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар. Бу күнү Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээ5и профессиональнай-педагогическай колледж устудьуоннара үлэhиттэрэ сылын аайы көтүппэкэ бэлиэтииллэр. 

Ол курдук олунньу ый 7-14 күнүгэр дылы араас хабааннаах тэрээhиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Саха этигэн тыла уус-уран аа5ыы күрэ5э.  Уус-ураннык ааҕар  дьоҕурун сайыннарыы; поэттар айымньыларын үйэтитии;  уран тыл күүһүнэн төрөөбүт дойдуга тапталы иитии; сана талааннары арыйыы ыытылынна Күрэх түмүгүнэн:

I степеннээх Дипломант – Булдакова Сайыына 471 бөлөх устудьуона

II степеннээх Дипломант – Булдакова Айыына 471 бөлөх устудьуона

III степеннээх Дипломант – Васильева Владислава 111 бөлөх устудьуона

III степеннээх Дипломант – Тимофеева Наталья 281 бөлөх устудьуона

“Көрөччү биhирэбилэ» номинация кыайыыла5а – Соловьева Василина 171 бөлөх устудьуона.  Күрэх кыттааччыларыгар, салайааччыларга бар5а махталбытын тиэрдэбит.

Олунньу 7-14 күнүгэр дылы Саха тылын билиигэ тургутук-олимпиада ыйытыкка эппиэт (куйаар ситиминэн). Олимпиада түмүгүнн кыттааччыларга тута туоһу сурук бэрилиннэ.
Олунньу 14 кунугэр ZOOM платформа нөҥүө. Педагогическай наука кандидата, Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка өр сылларга үлэлээбит уһуйааччы-методист  Ульяна Федоровна Кондакова  аатын үйэтитэр сыаллаах «Тыл оонньуута» салаалар икки ардыларыгар саха тылын уонна литературатын билиигэ күрэх. Күрэххэ уопсайа 7 салаа күөн көрсөн араас тургутуктары аастылар. Күрэх түмүгүнэн:
1 миэстэ — ОПИ
2 миэстэ — ОНТ
3 миэстэ — ПДО
Кыайыылаахтарга эҕэрдэ эйэҕэһэ, кыттыбыттарга махтал бастыҥа.
Олунньу 14 кунугэр бибилэтиэкэ саалатыгар үлэhиттэргэ, уhуйааччыларга «Сахалыы ырыаастык суруйуох» сахалыы диктант ыытылынна.

Бу курдук төрөөбүт тыл кэхтибэт, сүппэт анала биhигиттэн хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Билигин биһиги бары норуот бараммат баай тылын, үйэлээх култууратын, үтүө үгэhин уонна ылбаҕай суругун-бичигин харыстаан, хаҥатан кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр хоруйу тутуохтаахпыт. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун!  

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.