“Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэммиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ Ил Дархан Граныгар кыайбыт сырдатар-чинчийэр бырайыагын чэрчитинэн, ыччакка уонна үөрэнээччилэргэ аналлаах “Норуот өйүн-санаатын барҕа баайын, култууратын саҥа технологияларынан сырдатыы, тиэрдии” диэн үөрэтэр, уопут үллэстэр тэрээһинэ буолла. Бу саҥа сүүрээни М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үөрэтэр институту уонна Дьокускайдааҕы эрдэҕэс оҕо киинин кытта тэрийдилэр. Дьокуускай, Орто Халыма, Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Амма, Ньурба, Уус Алдан улуустарыттан айти эйгэҕэ үлэлиир исписэлиистэр, устудьуоннар, ыччат уонна оҕолор аныгы технологиялары, көрүҥнэри туһанан төрөөбүт тылбытын, үгэспитин сиэрбитин-туоммутун, төрүт дьарыкпытын хайдах гынан тиэрдиэххэ, үйэтитиэххэ сөбүн туһунан уопуттарын үллэһиннилэр. Чопчу туһаайыылары, сүбэлэри биэрдилэр. Онлайн тэрээһиҥҥэ барыта 91 киһи кытынна.

Ыччат кэлэр кэскилбит буолар. Онон тылбытын-өспүтүн, норуоппут духуобунай баайын, култууратын салҕааччылар кинилэр. Оҕолорбутугар, ыччаппытыгар саҥа кэм таһымынан, аныгы технологиялар көмөлөрүнэн бу сүҥкэн баайы тиэрдии бырайыакпыт сүрүн сыала-соруга буолар. Бырайыак чэрчитинэн, үүммүт үөрэх дьылыгар төрөппүттэргэ, ыччакка өбүгэ төрүт билиитин, үгэһин кэпсиир, саха ыала оҕону иитиигэ сүбэлэриттэн үллэстэр саҥа “Саха суола” диэн сахалыы ютуб-ханаал уонна саайт баар буолла. Кыттааччылар биэриилэри уруокка туһаныахха сөбүн, олус туһалаахтарын, уонна сэмэнээргэ элбэх саҥа бырайыактары, маастар-кылаастары көрбүттэрин, бииргэ үлэлэһэр баҕалаахтарын биллэрдилэр.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.