Төрөөбүт төрүт тыл,

Сөрүүн сүөгэй курдук,

Сүрэҕи-быары сөрүүккэтэр,

Убаҕас отон уутун курдук,

Улахан куйааска утаҕы аһарар,

Сырдьыгыныы көөнньүбүт

Сылгы кымыһын курдук,

Тостор куйааска

Тоҕулу ханнарар…

                                            (“Төрөөбүт  тыл”  А.А. Иванов – Күндэ)

 

Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт  үйэлэргэ үүнэ —  сайда турдун! Норуот олорбут оло5о, тыына — дьыл5ата тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун – сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр – хааныгар иҥэринэр, төрөөбүт тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар.

Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына – тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар! Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ!

Олунньу 13 күнүн көрсө Республика үрдүнэн араас таһымнаах тэрээһиннэр буолаллар. Биһиги колледжпытыгар сылын аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйбут “Сахалыы ыраастык суруйуох” сахалыы дьыктаан күрэҕэ, тыл күнүгэр устудьуоннарга уонна үлэһиттэргэ үөрүүлээх тэрээһин арыллыытыгар линейка, уус – уран ааҕыы күрэҕэ, “Тыл оонньуута” курдук күрэхтэр ыытылыннылар. Сахалыы дьыктааҥҥа уопсайа 80-ча устудьуон Мария Андреевна Софронеева ааҕыытынан сахалыы ыраастык суруйарга холоннулар.

Үөрүүлээх тэрээһин арыллыытыгар Софья Мартыновна Саввинова салайааччылаах “Иэйии” түмсүү уус – уран ааҕыы умсулҕаныгар угуттаран,   “Айылгы” ырыа – үҥкүү народнай коллектива кыттыылаах, түмүккэ оһуокайы оройуттан тутан сахалыы тыыҥҥа ыллардыбыт.

“Кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах сахам мандар саҥата” уус –уран ааҕыыга биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн аахтылар.  Тойон сүбэ төрөөбүт төрүт тылынан сөпкө хомоҕойдук саҥарыыны, хоһоонунан айымньыларга ааҕааччы болҕомтотун тардыы дьоҕурун сыаналаатылар. Ол курдук бөлөҕүнэн  ааҕыыга I миэстэни – эбии үөрэхтээһин салаата, I I миэстэни –  физкультура салаата, I I I миэстэни – коррекционнай педагогика салаата ыллылар.

 Биирдиилээн ааҕыыга I миэстэҕэ Коновалова Татьяна (222гр. устудьуона), II миэстэҕэ Иванова Нарыйаана (111гр. устудьуона), III миэстэҕэ Иванова Светлана (212гр. устудьуона) уонна Мярин Арыйаан (112гр. устудьуона) тигистилэр. Трофимов Валера (112гр. устудьуона) “Кэскиллээх ааҕааччы”, Толстякова Анна (211гр. устудьуона) “Иэйиилээх ааҕыы”, Михайлова Марина (372гр. устудьуона) “Итэҕэтиилээх ааҕыы” диэн номинациялары ыллылар.

Тыл күнүн түмүктүүр тэрээһининэн быйыл киэҥ көрүүлээх, баай хомоҕой тыллаах, чаҕылхай талааннаах, бары жандарга тэҥ тахсыылаахтык үлэлээбит саха норуотун сүгүрүйэр суруйааччыта Иван Михайлович Гоголев – Кындыл төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан салаалар икки ардыларыгар “Тыл оонньуута” күрэҕинэн түмүктэннэ, хамаандалар араас таһымнаах, сорудахтаах тургутуктары ааһан бастыҥнар быһаарылыннылар. Уопсай түмүгүнэн 4 хамаанда кыттыбытыттан коррекционнай педагогика салаатын хамаандата кыайыылаах таҕыста.

Бу курдук Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка төрөөбүт тыл күнүн көрсө араас таһымнаах тэрээһиннэр буолан аастылар.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.