Тоджинскай кожууҥҥа айан

           Айаным тухары транспорт бары көрүҥүттэн саҕалаан,  көрбөтөхпүн көрдүм, билбэтэхпин биллим.  Иркутскай, Красноярскай курдук улахан  куораттарга  таарыйан, истиэп устун айаннаан ыраах да ыраах Тыва республикатыгар баран кэллим.  Тыва норуота биһигини кытта биир төрүччүлээх буолан, тас көстүүбүт биирэ, тылбын майгыннаһар өрүтэ элбэҕэ, аймах-билэ дьоммутугар сылдьыбыт кэриэтэ буоллубут. Бу сылдьан Тыва айылҕатын кэрэхсии көрдүм.

          Тоджинскай кожууҥҥа хонуктаах барыы олус интэриэһинэйдик тэриллибитэ. Маннык ыраах айаҥҥа Урал вахтовка массыына эрэ эрэллээхтик сылдьар диэбиттэрэ. Массыынабытыгар бараан тиэйиилээх   этибит. Кэлин билбиппит,  ол барааммыт биһигини кытта көрсүһүүгэ туттуллар аналлаах илдьиллибит эбит.  Баран истэххэ өлгөм хаар түспүтүттэн айанньыттар бары соһуйдубут. Саха сирин хаарын аҕалбыккыт, илдьэ сылдьар эбиккит  дэстилэр. Суолбут  үрдүк да үрдүк хайалары дабайыы, онтон аллара да аллара түһүү —  саҥа көрөр киһиэхэ, миэхэ барыта сонун, дьикти буолла.   Тула тайҕа, биһигиттэн атына суох, арай мастара бөдөҥнөр, үрдүктэр уонна көнөлөр,  хатыҥ, тиит, бэс барыта баар. Ойуурдарыгар отон, тэллэй  арааһа үүнэр эбит, барытын боруобалаабыппыт, сугуннара, клюквалара бөдөҥ баҕайы этилэр.

Даяна Колесова, алын сүһүөх  кылаастар  учууталларын бэлэмниир  салаа устудьуона

                                                   

Миэхэ барыта интэриэһинэй буолла

     Бу педэкспедиция састаабыгар киирсэн, олус туһалаах  айаҥҥа кыттыспыппыттан туохтааҕар да ордук үөрэбин.   Барыахпыт иннинэ улахан бэлэмнэниини ааспыппыт.  Ааҕыыларга анаан  бары дакылаат суруйбуппут. Мин научнай салайааччыбын Прокопьева Е.А. кытта “Якутские  волшебные сказки в воспитании детей  дошкольного возраста” диэн   дакылаатынан кытынныбыт. Биһиги  наукаҕа холонууларбыт Ааҕыыларга бэчээттэммит  хомуурунньукка  киирэн,  бары үөрдүбүт.  Экспедициябыт, ааҕыыларбыт    программалара  киэҥэ,  туох да иллэҥэ суох сырыттыбыт.

     Киин куоракка, Кызылга биһигини ааҕыылары иилиир-саҕалыыр салайааччы,  национальнай оскуолалары сайыннарар  институт дириэктэрэ Товуу Сайзана Сергеевна  көрсүбүтэ уонна кэлиэхпитигэр дылы харах далыгар, ытыс үрдүтүгэр сырытыннарда.  Уопсайынан ханна тиийдэрбит далбарга сырыттыбыт.  Учуутал идэтин сөпкө да талбыппын диэн эрэлим улаатта, киэн тутуннум. Детсадтарга, оскуолаларга сылдьан, баай  уопут хомуннум, сэргээбиппин барытын хаартыскаҕа түһэрдим, сурукка тистим.

     Маннык ыраах бастакыбын сырыттым, миэхэ барыта интэриэһинэй буолла, билиим-көрүүм  үрдээтэ диэхпин сөп. Атын норуот дьоно-сэргэтэ, олоҕо, саҥарар саҥата, тыла -өһө, аһа-үөлэ, культурата, искусствота хайдаҕын кэтээтим, бэйэбитин кытта тэҥнии тутан көрдүм. Майгыннаһар өрүттэрбит элбэҕин бэлиэтээтим. Холобура тылбытыгар: «кыс”- кыыс,  “оол”-уол,   “мээн адым”- мин аатым,  “11- он бир, 13- он уш, “бөгүн” – бүгүн. Маны таһынан айаҥҥа сатаан тэринэн сылдьарга, дьону кытта алтыһарга, үгүстэн туһалааҕы, наадалааҕы чорботон бэлиэтэнэргэ, быһата,  элбэххэ үөрэттэ бу педэкспедиция.                                            \

Валерия Голомарева, коррекционнай педагогика салаатын  устудьуона  

 

Ааҕыыларга Лаурет буоллум

    Бу педэкспедиция миигин элбэххэ үөрэттэ. Бастатан туран,  толлубакка, ылсыбыт дьыаланы тиһэҕэр тириэрдэргэ, хайа кыалларынан саҥаны, сонуну тобуларга уонна хорсун буоларга. Миэхэ салайааччым  Мытник С.Г. өссө бэс ыйыгар сорудах биэрбитэ, аны күһүн Тываҕа Г.Н.Волков ааҕыыларыгар барардыы оҥоһун, ааҕыылар тиэмэлэринэн  биһик ырыаларын мус, биһиктэри хаартыскаҕа түһэрэн аҕалаар диэн. Инньэ гынан,  элбэх сорудахтаах дойдубар Эдьигээҥҥэ барбытым. Бастаан саарбахтыыр этим, кыайабын дуу, суох дуу диэн. Онтон  ийэм Анастасия   Егоровна уонна аҕам Валентин Иванович  кыттыһан барбыттара, көмелеспүттэрэ.

    Учууталым сорудахтарын барытын толорон кэлбитим. Эбээн, эбэҥки, долган нороуттарын ырыаларын булбутум. Ол түмүгүнэн  бастакыбын  дакылаат суруйарга уһуйуллубутум. “Особенности якутских и долганских колыбельных песен” диэн дакылааппытын Ааҕыыларга наука доктордарын, учуонайдары  кытта  пленарнай чааска  киллэрбиттэрэ олус долгутуулаах этэ. Дакылааппытыгар сыһыарыы курдук биһик ырыаларыгар хомуурунньук уонна  компакт диискэ оҥорбуппутун олус сэҥээрбиттэрэ. Мин дойдубуттан ыллаттаран, оонньуур биһик илдьибитим уонна ааҕан бүтэн баран,  биһик ырыатын эбэҥкилии, аангылыйа, франция тылларынан ыллаабытым.  Бу мин улахан эйгэҕэ аан бастакы тахсыым буолар, инникитин өссө кыттыам диэн улахан баҕалаах кэллим. Дакылааппыт 15- ис төгүлүн ыытыллар Волковтыы ааҕыыларга бастыҥ үлэ буолан,  Лаурет аатын ылыбыппыттан салайааччыбар Светлана Григорьевнаҕа  уонна дьоммор  махтанабын.

Ираида Иванова, алын сүһүөх  кылаастар  учууталларын бэлэмниир  салаа устудьуона     

                                              

Айаммын саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы сөбүлээтим

    Мин тымныы полюһунан биллэр Өймөкөөн улууһуттан кэлэн үөрэнэ сылдьабын, быйыл колледжпын бүтэрэбин. Өссө былырыын бу педэкспедицияҕа киирсэр былааннаах этим, ону оруобуна практикам саҕаланан, кыайан барсыбатаҕым. Баҕам быйыл дьэ туолла,  үөрэ-көтө кыттыстым уонна наһаа астынным. Айаммын саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы сөбүлээтим, барытынан  туһалаах буолла.

    Тываҕа кэлээппитин кытта национальнай оскуолалары сайыннарар институт дириектора Тоову С.С. көрсөн кэлиэхпитигэр дылы тэҥҥэ сылдьыста. Ааҕыылары тэрийээччилэр Шаалы А.С.. Сундуй Г.Д., Монгуш О.А. кытта эмиэ бэркэ табыллан алтыстыбыт. Кинилэр бары наука кандидаттара. Бу Волковтыы ааҕыылары арыйбыттара Тыва артыыстара уонна Үөрэх миниистирэ Санчаа Татьяна Оюновна эҕэрдэ тылынан.

    Ааҕыылар чэрчилэринэн тыл симэлийиитин тула, кыра саастарыттан төрөөбүт тылларыгар тапталы иитэргэ элбэх кэпсэтиһии таҕыста.  Кинилэргэ эмиэ бу боппуруос сытыытык турар эбит диэн өйдөөтүм.  Бу тула  оскуолаларга уруоктар, детсадтарга дьарыктар  ыытылыннылар, олорго сырыттыбыт, ырыттыбыт.

     Тыва дьоно эйэҕэстэрин, ыалдьытымсахтарын сөхтүм. Биһигини көрсөөрү бэлэмнэммит  ахан буолаллар. Ханна тиийдибит аайы итии национальнай чэйдээх көрсөллөр, хас биирдиибитигэр араас өҥнөөх кадак кэтэрдэллэр.

    Өссө биири хайгыы көрбүтүм, тувинецтар  омуктарын таҥаһын күннээҕилэригэр кэтэ сылдьаллар, үлэҕэ кэтэр көстүүмнэригэр тываалыы орнаменнаах буолар.  Халааттара “тон”,   курдара “кур”, бэргэһэлэрэ  “бөрт”, сэлиэччиктэрэ “кандаазын” , саппыкыларын тумса үөһэ көрө сылдьар  уонна “кадыг идик”дэнэр эбит. Уонна өссө национальнай таҥас күнэ  баар үһү.

   Бу курдук хас күн аайы эксипедициябыт былаанынан барыны бары үөрэтэ, кэтии, бэлиэтэнэ, суруна сырыттыбыт. Экспедициябыт түмүктэринэн  колледжпытыгар  пресс-конференция тэрийиэхтээхпит.

 Путинцева Виктория,  коррекционнай педагогика салаатын  устудьуона    

 

Барыта наһаа интэриэһинэй

      Колледжка араас тэрээһин элбэх, олортон саамай интэриэһинэйдэрэ “Будущий педагог” диэн педэкспедиция баар. Бу экспедициянан оҕолор Индияҕа, Калмыкияҕа, Москваҕа, Санкт-Петербурга, Саратовка, Чебоксарыга, Казаҥҥа сылдьыбыттара. Устудьуоннар талан ылбыт идэлэригэр элбэҕи көрөн-истэн кэлэллэр, оҕону үөрэтии-иитии  тиһигэр баай уопут ылаллар, киэҥ сирдэри, киин куораттары көрөн, элбэх дьону кытта алтыһан, олоххо наадалаах үөрүйэхтэри иҥэринэллэр.

      Мин бу экспедицияҕа быйыл киирсэн, устудьуоннуур сылларбар умнуллубат күннэргэ тигистим. Экспедициябытыгар барыта 12 устудьуон уонна 2 салайааччылаахпыт: экспедицияны тэрийээччи Мытник С.Г. уонна этнопедагог Чиряев Е.К. Биһиги,  алын сүһүөх кылаастарга учуутал идэтин  уонна детсад уһуйааччыта идэлэрин талбыт оҕолор сырыттыбыт.

    Ааҕыылар 5 хонук устата ыытылыннылар. Элбэх көрсүһүү, тылы үөрэтии тула кэпсэтиһии,  аһаҕас уруоктар, ытык сирдэргэ, музейдарга сылдьыы, театрга спектакль көрүүтэ- барыта наһаа интэриэһинэй.  Бу тухары сылайыы диэн суох, үөрэ-көтө барытыгар кыттыһан иһэбит.

   Тоджинскай кожууҥҥа барарбытыгар массыынабытыгар тыыннаах бараан баара. Кэлин билбиппит, ол бараан биһигини көрсөргө туттуллар ыйаахтаах илдьиллэн иһэр эбит. Улахан тэрээһиннэргэ, ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга анаан  оннук оҥоһуллар үһү.  Инньэ гынан, Тооро-Хем оскуолатын коллектива барааны астааһыҥҥа маастар-кылаас тэрийдэ. Барааны астааччылар бары национальнай танастаахтар, саппыкытыгар тиийэ. Тириитин илиилэринэн араараллар эбит, этин быһаҕынан эттииллэр, сүгэни туттубаттар. Иһин-үөһүн түргэнник ыраастыы-сууйа охсон утары кутааҕа буһара тураллар. 3 араас хаан кута охсон амсаттылар,  быары итиргэ суулаан, үчэһэҕэ иилэн, уокка сырайан ылаллар уонна итиитинэ тута сиэтэллэр. Тугу да хаалларбакка барытын астаан, буһаран кэбистилэр. Били 3 саастаах барааммытыттан, остуоруйаҕа сурулларын курдук,  муостара уонна туйахтара эрэ хааллылар.

Дайаана Попова, коррекционнай педагогика салаатын  устудьуона  

Умнуллубат айан

      Тываҕа мин хаһан тиийиэм этэй диэн бэйэбэр ыйытыы туруорабын, суох буоллаҕа дии. Коллеждка маннык тэрийии баар буолан умнуллубат үчүгэй да айаҥҥа ситиһиилээхтик сырыттым. Идэбинэн элбэххэ үөрэнним, бэйэбин холонон көрдүм. Кызыл куорат 31-с нүөмэрдээх  детсатыгар  “Миигин кытта сахалыы оонньууларга кыттыс” диэн дьарык ыыттым, санаабар табылынна, оҕолор өссө  оонньуохха дэстилэр, үөрдүлэр, сөбүлээтилэр. Уһуйааччылар да сэргээтилэр, ыйыталаһыы бөҕө буоллулар, сценарийбын көрдөһөн ыллылар. Бу ыыппыт дьарыгым Ааҕыыларга Грамотанан бэлиэтэнэн үөрүүм өссө үрдээтэ.

     Маны таһынан салайааччым Борисова Зоя Николаевналыын «Формирование этнической самоидентификации у старших дошкольников, воспитывающихся в поликультурном пространстве” диэн  дакылаат суруйан кытынным. Ааҕыылар Аан дойду таһымнаах ыытылыннылар, онон бары оннук Сертификат туттубут.

    Тыва дьоно эйэҕэстэриттэн үөрдүм, биһигини ханна да барытыгар күүтүүлээх ыалдьыт быһыытынан көрсөллөр, ыраахтан кэлбиппитин сөҕөллөр, хайгыыллар, истэргэ наһаа үчүгэй, Сахабыт сирин туһунан элбэхтик ыйыталаһаллар, интэриэһиргииллэр.  Бу күннэр тухары куруук өрө көтөҕүллэн сырыттыбыт, үлэлээтибит. Биһиги делегациябытыгар   Хакасияттан, Бурятияттан, Эвенкияттан, Красноярскайтан кыттыстылар, учуонайдар, учууталлар.

Надежда Алексеева, детсад уһуйааччытын бэлэмниир  салаа устудьуона

   Мин колледжка Анаабыр улууһуттан кэлэн үөрэнэн сылдьабын. Бу экспедицияҕа мин 2-ис төгүлбүн сырыттым, былырыын уонна быйыл. Ааҕыыларга норуотум биһик ырыаларынан кытынным, дакылаатым “Колыбельная песня долганского народа” диэн. Дойдубуттан элбэх матырыйаал аҕалбытым, Долган талааннаахтара  Меланья Ивановна Спиридонова, Антонина Алексеевна Суздалова ыллаабыт записьтарын аҕалбытым,  ону барытын дакылааппар туһанным. Научнай салайааччым Россия үтүөлээх учуутала Алексеев Е.Р. Бары тэрээһиҥҥэ тиийдибит да Һээдьэбитигэр, оһуокайбытыгар мустубут дьону ыҥыра сырыттыбыт. Ким да туран хаалбат, түһүлгэбитигэр кыттыспытынан бараллар, бары астыналлар. Экспедициябыт көрдөһүүлэрин  Ааҕыылар программаларыгар барытын учуоттаабыттар, киллэрбиттэр, онон сыалбытын барытын ситэн кэллибит. Кэлэн иһэн Байкал курдук улуу байҕалга сүгүрүйэн аастыбыт.

    Атын сири көрөн, бырааттыы норуоту кытта алтыһан, элбэх дьону кытта билсиһэн ыырбыт кэҥээн кэллибит.

Нюана Туприна, алын сүһүөх  кылаастар  учууталларын бэлэмниир  салаа устудьуона

 

Аймахтыы норуоттар эбиппит

        Мин ыраах айаҥҥа бастакы сылдьыым.   Долгуйуу баара, ол гынан баран салайааччыбыт эрэллээҕэ, хорсуна ону түргэнник суох оҥорбута.   Чахчы үчүгэй тэрээһин буолла. Саҥа сирдэр, билсиһиилэр мин тус бэйэбэр умнуллубат уонна хатыламмат ураты өйдөбүл буолан өйбөр-санаабар өрүү хатанна. Айаммыт устун сиэр-туом толоро сылдьыы үөрүйэхтэрин иҥэриннибит.       Салайааччыбыт Светлана Григорьевна бэйэтэ сиэлтэн, туостан сахалыы салама оҥортуур эбит, ытык сирдэргэ ону бэлэх ууннубут.

     Тыва олохтоохторо биһигини уруккуттан билэр-билсэр урууларын-аймахтарын курдук истиҥник көрсүһэллэрэ соһутта, үөртэ. Биһиги кинилэргэ эмиэ  махтана, илии тутуурдаах сырыттыбыт. Бары  сувенир ылбыппыт, ону туттарабыт, экспедиция аатыттан чороон, кинигэ көрсүһүү аайы бэлэх ууннубут,  ол наһаа үчүгэй эбит. Ити барыта биһиэхэ инники бэйэбит ыытар тэрээһиннэрбитигэр  улахан үөрэх буолар.

   Мин 5-ис нүөмэрдээх гимназияҕа  3-с  кылаас оҕолоругар “Ыһыах”  диэн дьарык ыыттым. Хапсаҕай,  ат сүүрдүүтэ, ох саанан ытыы баарын көрөн, норуоттарын “Наадым”  диэн бырааһынньыгар майгынныыр эбит, ол аата биһиги аймахтыы норуоттар эбиппит  диэн түмүк оҥорбуттара үөртэ, учууталлара оҕолоруттан наһаа астынна. Ону таһынан Волковтыы ааҕыылар Грамоталарын тутан мин саҕа дьоллоох суох курдук турукка сылдьабын. Миигин бэлэмнээн ыыппыт методиспар Церенова Н.А. махталым улахан.

Дайаана Филатова, алын сүһүөх  кылаастар  учууталларын бэлэмниир  салаа устудьуона

 

Экспедициябыт сыалын ситистэ

      Мин бу педэкспедициям суолтатын үрдүктүк сыаналаатым. Итиччэ ыраах дойдуга, интернет нөҥүө кэпсэтии, тэрээһин ыытан барыта бэлэмҥэ, ону таһынан далбарга сылдьыы салайааччыларбыт сатабыллара, ону сөхтүм, онно үөрэнним, өссө да үөрэниэм турдаҕа. Барыта орун оннугар, наадалаах, туһалаах буолла. Ким да туора туран хаалбат, кыттыһа турар усулуобуйата тэрилиннэ диибин. Биир саамай сөптөөхтүк киирэн биэрбит “Ситии” муода студиятын оҕуруонан тиһиллибит киэргэллэрин  кэтэн көрдөрүүнү ааттыыбын. Көрбүт эрэ барыта сэргээтэ, хаартыскаҕа кыралыын-улаханныын былдьаһыгынан  түһүү үөрүүтэ көрүөххэ астык этэ.

Бу киэргэллэри биһиги 10 кыыс толору кэтэн тахсан сыанаҕа хаамарбытын дохсун ытыс тыаһынан көрсөннөр үөрүү кынаттанан испиппит. Саамай бүтэһик көрсүһүү педколледжка буолбута, онно түмүк тахсыыбытын долган, эбээн, эбэҥки, саха кыргыттара тува ырыаһыта эдэр уол Ийэ туһунан ырыатыгар хаампыппыт аһара долгутуулаах этэ, көрөөччүллэр саамай үчүгэй тахсыыгыт бу буолла дэспиттэрэ. Икки норуот культурата бэйэ бэйэни ситэрсэн биэриилэрэ — айаммыт, экспедициябыт сыалын ситиспитин бэлиэтэ диэхпин сөп.

Надежда Пахомова,  коррекционнай педагогика салаатын  устудьуона

 

 

Төрөөбүт күммэр дьоллоох түгэн

      Экспедициябыт түмүктэринэн самолеттан түһээт сарсыардааҥы «Саҥа күн”  биэриигэ кэпсээн ааспыппыт. Өссө Тываттан республика араадьыйатыгар 4 төгүл быһа тахсан Ааҕыылар тустарынан, хайдах кытта сылдьарбытын кэпсээбиппит. Тыва “Тувинская правда” хаһыатыгар  ыстатыйабыт тахсыбыта, Тыва телевидениятыгар сонуннарга интервью биэрбиппит. Ити курдук сырыыбытын-айаммытын киэҥник сырдата сырыттыбыт.

      Бу экспедицияҕа сылдьар кэммэр мин олохпор дьоро күн күн баара- ол төрөөбүт күнүм. Үөрүүлээҕэ  диэн ол күммүнэн миигин республикабыт үөрэҕириитин уонна наукатын миниистирэ Егоров Владимир Анатольевич сибэкки дьөрбөтүн туттаран туран,   истиҥник мичээрдээн  эҕэрдэлээбитэ- бу миэхэ дьоллоох бэлэх, умнуллубат түгэн!

Ольга Карпова, детсад уһуйааччытын бэлэмниир  салаа устудьуона

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.