Колледжпытыгар “Эдэр учуутал” диэн педагогическай экспедиция тэриллэр.Экспедиция ааптара, салайааччыта Мытник Светлана Григорьевна буолар. Инники сылларга кини оҕолору Дели, Элиста, Москва, Санкт Петербург куораттарга илдьэ сылдьыбыта.
Үөрэхпит кыһата Н.Г.Чернышевскай аатын сүгэрэ биллэр. Быйыл улуу демократ төрөөбүтэ 190 сылынан сибээстээн дойдутугар, Саратовка ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттарга биһиэхэ ынырыы сурук кэлбитэ. Инньэ гынан бу күннэргэ 12 устудьуон Саратов — Казань — Чебоксары маршрутунан айаннаан кэллибит. Саратовка алтынньы 27 күнүгэр Н.Г.Чернышевскай аатынан национальнай чинчийэр университет иһинэн үлэлиир аан дойду историятын, дойдулар сыһыаннаһыыларын үөрэтэр институт ыытар Россия таһымнаах конференциятьыгар Кондаков Алексей, Старков Артур, Иванова Матрена уонна мин кытынныбыт. Мин Россия, Республика үтүөлээх учуутала, Бүлүү Бороҕонун агрооскуолатыгар 46 сыл эҥкилэ суох директордаабыт Николай Иванович Афанасьев педагогическай үлэтин туһунан дакылааппын олус сэргээтилэр. Экспертэр Николай Ивановиһы бэйэтэ кэпсиирин киинэҕэ устан ыытарбытыгар көрдөстүлэр. Научнай салайааччым педагогическай наука кандидата Гоголева М.Т.
Биир сүрүн сыалбытынан Н.Г.Чернышевскай музей-уһаайбатыгар, төрөөбүт, олорбут 2 этээстээх мас дьиэтигэр сылдьыы этэ. Демократ, суруйааччы туһунан урут ханна да көрбөтөх экспонаттары сэргээтибит, кэпсииллэрэ олус интэриэһинэй буолан астынныбыт. 4 саастаах Коля Чернышевскай уруһуйдара, аахпыт кинигэлэрэ, үөрэммит тэриллэрэ, утуйбут ороно, оонньуурдара барыта орун оннугар хараллан тураллар. Бүлүү туһунан музейга биир да матырыйаалы булбатыбыт, дьиктиргээн туран ыйыппыппытыгар, туох да суох диэбиттэрэ уонна кэпсииллэригэр да Бүлүү дьонун эҥин туһунан тугу да саҥарбатылар. Музейга «Что делать?” диэн театрдар спектаклларын быыстапката баар эбит. Ону маннык этэллэр:”Олох ханнык баҕаран түгэнигэр «Тугу гыныахха?” диэн ыйытык син-биир турар, ону быһаарарга, дьону толкуйдатарга үчүгэй ньыма”,- диэн. Толкуйдаан көрбүппүт, кырдьык оннук эбит, итинник ааттаах научнай-практическай конференция да хайа баҕарар таһымҥа ыытыахха сөп, олус интэриэһинэй буолуо этэ.
Биһиги музейга анаан Н.Г.Чернышевскай аатын сүгэр ыраах Саха Сирин үөрэҕин кыһатын устудьуоннара үөрэхтэрин, дьарыктарын, колледжпыт историятын кэпсиир элбэх хаһыат, кинигэ, открытка, суруктаах-бичиктээх чороон илдьэн туттардыбыт. Музей үлэһиттэрэ сыаналаах экспонаттар уонна бачча ыраахтан анаан-минээн тэринэн кэлбиккит диэн олус махтаннылар. Куоракка Н.Г.Чернышевскайга аналлаах элбэх памятник баарын бэлиэтии көрдүбүт, үөрэх кыһалара, киин уулусса ааттаммыттар, оннооҕор “Что делать” диэн маҕаһыын баарыгар таба тайанныбыт. Биир дойдулаахтарын аатын үрдүктүк туталлларын, кини туһунан истиҥник кэпсииллэрин истэн, улуу киһилэрин олохтоохтук үйэтиппиттэрин илэ харахпытынан көрдүбүт, эт кулгаахпытынан иһиттибит.
Николаев Василий, эбии үөрэхтээһин салаатын 3-үс кууруһун устудьуона ,
Татарстан киин куоратыгар Казаннааҕы педколледж директора филология наукатын доктора Анфиса Григорьевна Завялова көрүстэ, көрсүһүү тэрийдэ. Биһиги WSR чемпионатыгар сүүмэрдиир, бэлэмнэнэр тэрээһиннэргэ сырыттыбыт. Бу биһиэхэ улахан уруок буолла, Татарстан WSR хайысхаҕа Аан дойдуга инники күөҥҥэ иһэр регионунан биллэр. Казаҥҥа группабытыгар колледжпыт дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччыта Тутукарова А.Н.кыттыспыта.
В.И. Качаловка аналлаах театральнай фестиваль чэрчитинэн А.Н. Островскай “На всякого мудреца довольно простоты” пьесатынан туруоруллубут Францияҕа ыытыллыбыт куонкуруска театральнай бириэмийэлээх “Глумов” диэн спектакль көрдүбүт. Көрөөччү улахан театры тобус- толору олорор, өтөр-өтөр сэҥээрэн дохсуннук таһынан, артыыстарга биһирэбиллэрин биллэрэн иһэллэр эбит. Сцена уларыйа охсоро, уота-күүһэ, музыката, артыыстар чаҕылхай оонньуулара, урукку бириэмэ олоҕун билиҥҥини кытары ситимнээн тутуоруулара — маны барытын мин олус сонуннук ылынным.
Кремли үөрэтии, куорат устун экскурсияларга сылдьан Чиряев Е.К. токуйдаабыт ыйытыктарыгар эппиэттэри булуу, национальнай музейга сылдьан туой оҥоһуктары оҥорорго холонуу, биир үөлээннээхтэрбитин кытары педколледжка көрсүһүүгэ сиэри-туому толоруу, сахабыт ырыатын-тойугун иһитиннэрии, норуоппут үгэстэрин билиһиннэрии–бу барыта экспедициябыт эрдэттэн кэпсэтиллибит сыаллара-соруктара буолаллар.
Олохтоох дьон биһиги бэйэбит тылбытынан кэпсэтэрбитин истээт, сэҥээрэ түһэллэр, хантан сылдьарбытын тоокколоһоллор, тылларбыт майгыннаһалларын бэлиэтии охсоллор. Түүр тыллаах омуктар буоллахпыт.
Николаев Василий, эбии үөрэхтээһин салаатын 3-үс кууруһун устудьуона
Салгыы экспедициябыт Чебоксары куоракка салҕаммыта. Тиийбит күммүтүгэр Россия улуу эбэтигэр Волга байҕалга сүгүрүйүү бэлиэтин долгуйан туран оҥордубут. Ол күн, ол бириэмэҕэ тиийиэхтээхпитин улуу эбэ кэтэспиттии сиэр –туом толоруубутун иччилээхтик ылынна диэхпин сөп…
Чебоксарыга алтынньы 31 күнүгэр биллиилээх академик, этнэпедагог Г.Н Волков төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн тиийэн, академик памятнигар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Геннадий Никандровичка Чувашия республикатын 1–кы нүөмэрдээх бочуоттаах олохтооҕо буолаҕын диэбиттэрин, Академик космонавт Андриан Николаевка туран биэрбит. Академик 70-с сыллартан саҕалаан Саха Сирин кытары күн сириттэн барыар дылы ыкса сибээстээҕэ, 3-тэ кэлэ сылдьыбыттаах. Онтон 2 сырыыта ураты. Оччотооҕу кэми өйдүүр дьон санаан ылыахтара. 1979 уонна 1986 сылларга буолбут Сэргэлээх устудьуоннара Дьокуускай олохтоохторун кытары быһылааннара тахсыбыта. Ол онно Геннадий Никандрович Москубаттан Киин кэмитиэт уонна ССРС үөрэҕин министиэристибэтин анал хамыыһыйаларын састаабыгар киирсэн кэлэ сылдьыбыт. Онтон кэлин Бүлүүгэ 2010 сыллаахха Волковтыы III- үс ааҕыыларга Патриарх бэйэтинэн баара. Бу ааҕыыларга 547 дакылаат киирбитэ.
Биһигини Людмила Николаевна Данилова диэн Г.Н.Волков аатынан педколледж дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта көрсүбүтэ. Кини былырыын XX-ис Манчаары оонньууларыгар ыалдьыттаабыт. Куорат устун экскурсия чэрчитинэн чуваштар биир дойдулаахтарын В.И.Чапаев скверин көрдөрдүлэр, кини туһунан туох билиилээхпитин ыйыталлар, оҕолор киинэ баарын эҥин эттилэр, сорохтор күлэ-үөрэ анекдоттары санатан бары күө-дьаа буолан ыллыбыт. Юрий Гагарин, Герман Титов кэннилэриттэн 3-үс космонавт чуваш Андриан Николаев диэн аһара киэн тутталлар, кини аатынан проспект баарын, В.И.Ленин эмиэ чуваш төрүттээҕин кэпсииллэр.
Оскуолаларга, детсадтарга маастар кылаастарга, чуваш тылын уруогар, академик музей-выставкатыгар сылдьыы, университет, педколледж устудьуоннарын кытары алтыһыы — бу барыта төгүрүччү туһалаах уонна үрдүк таһымҥа ааста диэн бэлиэтиибин. Поэтесса, Михаил Сеспель аатынан премия лауреата Раиса Сарби саха поэттара С.Руфов, И.Мигалкин, С. Данилов хоһооннорун тылбаастаабыт хомуурунньугун чуваштыы ааҕан устудьуоннаргытыгар иһитиннэрээриҥ диэн көрдөһүүлээх бэлэлэхтээтилэр. Тыллара биһиэнигэр төһө да биир түүр төрүттээхпит буолан баран, улаханнык майгыннаабат, атын омук тылын дьайыыта күүһэ бэрт буоллаҕа. Холобура, «ыръ кун хисепль вьерентекенсем хънасем” — үтүө күнүнэн, күндү учууталлар, ыалдьыттар!
Геннадий Никандрович аатынан научнай чинчийэр институт 15 сылыгар анаммыт академиктар, профессордар, доктордар кыттыылаах “Төгүрүк остуолга” экспедициябыт, Саха Сирэ, колледжпыт Академик Волковтыын сибээспитин билиһиннэрдибит. “Төгүрүк остуол”кыттыылаахтарыттан үгустэрэ Академик, оннооҕор Москубаҕа тыл этэригэр төрөөбүт тылынан дакылааттыыра диэн тураннар, чуваштыы тыл эттилэр.
Мытник С.Г.
Мин Туприна Нюана Анаабыртан сылдьабын, экспедицияттан астынан кэллим, бу сылдьан көрбөтөхпүн көрдүм, билбэтэхпин биллим. Биһиги бары төрүт норуоппут таҥастарын кэппиппит, сахалыы, эбэҥкилии, эбээннии. Мин омукпунан долганкабын, кустук өҥүнэн оонньообут киэргэллэрбин кэтэн, эбэм тикпит этэрбэһинэн сырыттым. Бу сылдьан биир саамай сөхпүтүм, ханна да тиийдибит аайы оҕуруонан, туоһунан оҥоһуллубут киэргэллэрбитин сөбүлээтилэр. Көрсүһүүлэргэ Николаев Вася оһуокайын кэнниттэн мин hэйробар ыҥыран истим, үҥкүүбүн бары наһаа үчүгэйдик ылыналларыттан, миигин кытары тэбис-тэҥҥэ хамсаналларыттан, hэйром тылын үтүктэн баралларыттан олус үөрдүм. Төрүт омугум ырыатын- тойугун билэрбиттэн уонна долган буоларбынан киэн тутуннум. Бу дьарыкпын салгыы сайыннарар улахан баҕалаах кэллим. Татаар, чуваш, саха ыччата биир төрүттээхпит биллэр эбит дии санаатым, бэйэ бэйэбитин кытары уруккуттан билсэр дьон курдук кэпсэтии, оонньуу буоллун аһаҕастык алтыһан сырыттыбыт. Көрсүһүүлэр аайы баҕа санаа бэлиэтин баайтара-баайтара салама туттардыбыт, наһаа сэҥээрэллэр, бэйэлэрэ омуктарын култууратын тута сылдьар буолан чугастык ылыналлар эбит.
Туприна Нюана, алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир салаа, 3-үс куурус