Балаҕан ыйын 27 күнэ 1990 сыл – республикабыт саҥа кэминээҕи сайдыытыгар бастакы акылааты уурбут историческай суолталаах кэрэ-бэлиэ күн быhыытынан үйэ саас тухары үөрүүлээхтик ахтыллар.

Бу Саха Сирин норуотун дьулуhуутунан ылыллыбыт улахан суолталаах политическай быhаарыы республика дьонун сомоҕолообута — дьон Ийэ дойдутунунан киэҥ туттубута, дойду кэскилин туhугар эппиэтинэhэ үрдээбитэ.

Биьиги туора турбакка бу улахан өйдөбүллээх күҥҥэ колледжпыт иннигэр биэс былааҕы өрө таһаардыбыт, студеннар уонна преподавателлар буоламмыт Сахабыт Сирин,  Россиябыт гимнын киэн тутта ыллаатыбыт.

Тэрээһиммитин педагогическай наука кандидата, дириэктэр эбээһинэһин толорооччу, Марина Трофимовна Гоголева тыл этэн арыйда. Ону таһынан Бүлүү улууһун уонна куорат дьаһалталарыттан кэлэн эҕэрдэ тыл эттилэр —  “Студенческай” округ депутата, куорат сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, РСФРС норуотун үөрэҕэриитин туйгуна, СР бочуоттаах бэтэрээнэ, Софья Мартыновна Саввинова уонна Булуу улууһун эдэр ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын отделын сүрүн специалиһын эбээһинэһин толорооччута, Александра Алексеевна Иванова.

Бу тэрээһин сүрүннээн сударыстыбыннас күнүгэр, историятыгар ананна. Ол курдук, кылаас чаастара уонна өй-мэйии оонньуута ыытылынна.

Дайаана Филатова,

1 куурус устудьуона

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.