Ыам ыйын 18 күнүгэр колледжпытыгар бииргэ үөрэнэр уолбут Влад Аргунов хоһооннорунан туруоруллубут “Үөрэммит кыһабар махтал!” диэн композиция буолан ааста. Онно кыттыыны ыллыбыт Влад бииргэ үөрэнэр 382 группа устудьуоннара.
Бу композицияҕа кини 10-ча хоһоонноро киирдилэр. Композиция 3 блокка араарыллыбыта: 1 блок – «Эдэр саас» манна үөрүүлээх, сырдык хоһооннор киирбиттэрэ; 2 блок – философскай киһини толкуйдатар хоһооннор этилэр; 3 блок –устудьуон олоҕо көстөр.
Аргунов Владиславтан интервью биэрэрин көрдөстүбүт:
- Хаһааҥҥыттан хоһоон айан саҕалаабыккыный?
Влад Аргунов: — Мин бастаан айар дьоҕурум манна колледжка 2 курска үөрэнэ сылдьан арыллыбыта. Бастакы хоһоонум «Истиэнэ кистэлэҥэ» диэн этэ.
- Ханнык суруйааччы хоһооннорун бэйэн сөбүлээн ааҕаҕыный?
Влад Аргунов: — Иван Орбита, Варвара Потапова уонна символистарын хоһооннорун ордорон ааҕабын.
- Ханнык темаларга хоһоонноргун сүрүннээн суруйаҕыный?
Влад Аргунов: — Олох уларыйыыта, эдэр киһи ис санаата, туруга.
Махталбын тиэрдэбин миэхэ көмө буолбут дьоннорго: Бүлүүтээҕи педколледж директорыгар Иванов Семен Викторовичка, отделениям сэбиэдиссэйигэр Прокопьева Мария Николаевнаҕа, директоры научнай үлэҕэ солбуйааччытыгар Гоголева Марина Трофимовнаҕа, Петрова Ирина Ивановнаҕа, ПДО сэбиэдиссэйигэр Новгородова Анастасия Афанасьевнаҕа, “Эрчим” уопсай уонна колледжпыт үлэһиттэригэр, бииргэ үөрэммит оҕолорбор, Бүлүү бочуоттаах олохтооҕор Михалев Борис Александровичка уонна Бүлүү олохтоохторугар.
Бу композиция сүрүннээн үөрэммит кыһабытыгар, учууталларбытыгар махтал курдук буолар. Композицияҕа кыттыыны ылыыбыт учууталлыы барарбытыгар көмө буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Группаннан бастакы улахан үлэбит буолар. Анастасия Афанасьевна көмөтүнэн бу хоһооннор ис санааларын көрөөччүлэргэ өйдөбүллээхтик тириэртибит.
Бииргэ үөрэнэр уолбутугар Владиславка өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Улахан махталбытын тиэрдиэ этибит ПДО 371 группа устудьуонугар Осипов Ай-Талга уонна бу дьүһүйүүнү туруорбут ПДО сэбиэдиссэйигэр Новгородова Анастасия Афанасьевнаҕа.
Влад Аргунов