Крылова Анна Семеновна — 1966 сыллааҕы дошкольнай отделение выпускницатабын. Мин бастаан үлэбин пионервожатайтан саҕалаабытым уонна бэйэм дружинам социалистическай Үлэ Геройа Васильев Семен Митрофанович, Мирнэйгэ үлэлээбит эксковаторщик, аатын иҥэрбитим. Онтон пионерскай дружина тохтообутун кэннэ, оскуолаҕа иҥэриллибитэ.
Пионер баһаатайым кэнниттэн, Бүлүү куоракка киирэммин, иккис оскуолаҕа үлэлээбитим, ол кэннэ миигин ыҥыран ыланнар, музыка үрдүк оскуолатыгар, иитээччинэн үлэлээн, пенсияҕа билигин сылдьабын. Юбилейнай мероприятиелэр үчүгэйдик аастылар дии саныыбын. Мин биирдэ да юбилейнай мероприелэри көтүппэппин. Куруутун кэлэбин. Баҕа санаам училищем өссө сайда турдун, өссө элбэх ситииһиилэри баҕарабын.

Григорьев Святослав Павлович. Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа1964-1968 сыллаахтарга үөрэрэммитим. Билигин мин пенсионербын.Оскуолаҕа учууталлаабытым, онтон Советскай партийнай үлэҕэ сылдьыбытым, культура эйгэтиттэн пенсияҕа тахсыбытым, Саха республикатын үтүөлээх үлэһитэ буолабын.
Юбилейнай мероприятие үчүгэйдик ааһан иһэр дии саныыбын. Туох баар тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык аастылар. Биһиги курдук училищеҕа урут үөрэммит дьон кэлэн, бэйэ-бэйэбитин кытта көрсүһэн, билигин даҕаны эдэр-сэнэх санаалаах сылдьар эбиппит, онтон ордук үөрдүбүт. Уонна бу, билиҥҥи колледж коллектива, үөрэнээччилэрэ биһиги үгэстэрбитин салҕыы байыта тураллар диэн олус үөрдүбүт.

Гаврильев Владимир Константинович. Бу училищеҕа 1963-1969 сылларга үөрэммитим. Мин бэйэм Бүлүүбүн. Ньурба улууһугар барбытым, аны сайын 50 сыла буолар. Бу училищеҕа кэргэннэнэммин, бүтэрээт, кини дойдутугар үлэлии барбытым. Уонна харыс халбырайбаккабын 40 сылы үлэлээн толордум. Физкультура учууталынан үлэлээтим. Хойут үөрэхпин үрдэппитим. Уонна ол оскуолабар 16 сыл оскуолаҕа директордаабытым. Онон билигин 16 сылы толорон баран, сынньана олоробун. Биһиги бу юбилейы алта эрэ буолан көрүстүбүт,12 оҕобут Дьокуускайга көрсүбүттэрэ, онон кэлбэтилэр, ол иһин аҕыйах соҕуспут. Бу физзал тутууллуутугар биир сайыны быһа үлэлээммит, үлэҕэ киллэрбиппит. Бүгүн ону бэлиэтээн ааспыттарыгар махтанабын. Ол кэннитэн үөрэнэр оҕолорго физкультурнай отделение аһыллыбыта. Онон кинилэр ситииһиилэриттэн, уонна ити билигин үчүгэй баҕайы усулуобуйаҕа үөрэнэ сылдьалларыттан, биһиги көлүөнэ кыратык ымсыыра да саныыбыт. Ол саҕана физкультурнай отделение суох этэ. Биһиэхэ маннык отделение баар эбитэ буоллар диэн, санаан ааһабыт.Үрдүк спортивнай ситиһиилэри баҕарабыт!

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.