Ыам ыйын 10 күнүгэр Бүлүүтээҕи педколледж Учуутал түмэлигэр Улуу Кыайыы 72 сылыгар аналлаах киинэ-уруок ыытылынна. Тоҕус преподаватель, уоттаах сэриигэ кыттыыны ылбыт учууталлар тустарынан олус ылыннарыылаахтык кэпсээн – билиһиннэрэн истээччилэр болҕомтолорун тартылар. Тэрээһин «Сэгэйэ” ааҕааччылар бөлөхтөрө Аҕа дойду сэриитин туһунан араас суруйааччылар хоһооннорун ааҕыыларынан саҕаланна. Мусуой сэрии сылларын көрдөрөр саалатын “Сылаас уйа, сырдык кыһа” училище-колледж устуоруйатын кинигэтин оҥорсубут В.Кириллина билиһиннэрдэ.
Кылааска толору устудьуон ыччат, учууталлар киирэн бэрт сэргэх уруок саҕаланна. Уруок киинэ курдук утум-ситим субуллан истэ. Бастакы эпизодка үрдүку начальнай училищены бүтэрбит, биллэр методист, Ленин, Кыһыл Сулус, Үлэ Кыһыл Знамята орденнар кавалердара, РСФСР, САССР үтүөлээх учуутала Н.В.Егоров туһунан РФ үтүөлээх учуутала Е.Р.Алексеев сырдатта. Советскай Союз Геройун, училище 1939 сыллааҕы выпускнигын хорсун суолун устуоруйа преподавателэ М.А.Софронеева кэпсээтэ, 1945 с. Москва куоракка Кыайыы өрөгөйдөөх парадын кыттыылааҕа, 1939 с. выпускник К.Е.Корякин аттаах армияҕа сулууспалаабыт бойобуой суолун обществоведение преподавателэ О.Ф. Федорова сэһэргээтэ.
Бу кэнниттэн колледж 90с туолуутугар көмүс бэлиэнэн биһирэммит үс киэн туттар выпускниктарбытын билиһиннэрдилэр. А.И.Николаевы, сэрии ветераннарын үтүө ааттарын үйэтиппит киһибитин, К.М.Семенова, 1943 с. выпускник, РСФСР, САССР үтүөлээх учууталын, үгүс бойобуой орденнар, мэтээллэр кавалердарын, байыаннай разведчик Н.И.Афанасьев бойобуой суолун А.Д.Петрова, Сталинграды ылыыга хорсуннук охсуспут А.Г.Харлампьевы преподаватель В.К.Кириллина киэн туттан кэпсээтилэр.
Учуутал-буойун, учуонай 1940 с. выпускник, САССР үтүөлээх учуутала И.И.Каратаев бойобуой суолун «Саллаат суола” кинигэтинэн сирэйдээн преп. В.П.Николаева кэрэхсэбиллээхтик сэһэргээтэ.
Көлүөнэлэр быстыспат сибээстэрин кэрэһилиир истиҥ кэпсэтии сэрии ветерана В.С.Сергин туһунан барбыта олус интэриэһинэй буолла. Кыыһа СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ А.В.Шамаева, сиэнэ Н.А. Церенова иһитиннэриилэрэ ордук итэҕэтиилээх, дууһа кылын таарыйар ахтыы буолла.
Училище преподавателлэриттэн сэриигэ бастакынан ыҥырыллыбыт И.С.Буслаев туһунан аймаҕа преп. И.Д.Слепцова, сэрииттэн ыарахан баас ылан Югославияҕа сырдык тыына быстыбыт таайын хорсун сырыытын докумуоннарга олоҕуран иһитиннэрбитэ киһи чахчы даҕаны хараастар, абарар түгэнинэн иһилиннэ. Сергиннэр пед. династиялара 300 с. буолбутун биллибит.
Бу курдук 9 преподаватель уоттаах сэриигэ кыттыбыт учууталларга бүгүҥҥү сырдык күн иһин барҕа махталынан ахтан, санаан аастылар, ыччаттары үтүө суолу тутуһан, наада буоллаҕына, Ийэ дойдуну көмүскүүргэ бэлэм буоларга ыҥырдылар.
Бу тэрээһини Учуутал түмэлин сүбэтэ, п.н.к. У.Ф.Кондакова тэрийдэ, иилээн-саҕалаан ыытта.