Правовая игра

Кулун тутар 28 күнүгэр салаалар икки ардыларыгар интеллектуальнай правовой оонньуу правовой иитии Декадатын чэрчитинэн  ыытыллынна. Бу оонньууга салаалар  хамаандалары туруоран күрэхтэстилэр.

1 түhүмэх ыйытыылара барыта биhиги инники олохпут, идэбит быраабыгар сыhыаннаахтар.

2 түhүмэххэ юридическай терминнэри таба таайыы уонна бүтэhиккэ «ситуациялар».

Дьүүллүүр сүбэҕэ: Карбаканова А.М- колледж юриьа, Новикова А.В – юридическай үөрэхтээх,  Васильева В.В — социальнай педагог үлэлээтилэр. Оонньууну ыытта Васильева Л.В.- дириэкторы иитэр үлэҕэ солбуйааччы.

Бу оонньууга биhиги элбэҕи биллибит, иһиттибит, көрдүбүт. Хамаандалар икки ардыларыгар күүстээх киирсии буолбута. Оонньуу түмүгүнэн ОПУНК хамаандата бастаата. Ааппытын «Юристы в кавычке» түhэн биэрбэтибит. Хамаандыырбыт Павел Пахомов (111гр) урут үлэлээбит, опыттаах  буолан, элбэх ыйытыктарга таба эппиэттээбитэ.

Кыттыбыт оҕолор бары астына кытыннылар. Гаврильева Саина (411гр): — «Элбэх саҥаны биллим. Сокуону билиэхтээххин, ол иһин бу оонньуу наада дии саныыбын». Иванова Анжелика (411гр): — «Истибитим, билбитим олохпор туһалаах буолуо. Сокуону хас биирдии киһи билэрэ наадалаах». Пахомов Павел: — «Правовой оонньуу интириэһинэй, киһи элбэҕи билэр. Сокуон терминнэрин билэр наада эбит».

Мин санаабар, бу оонньуу студеннары элбэххэ үөрэттэ, элбэх билиини биэрдэ. Кэнчээри ыччат быраабы билэрэ иннин көрүнэригэр наадалаах.

×

Hello!

Click one of our contacts below to chat on WhatsApp

× Центр социально-психологической поддержки.