Бүгүн саха сирэ олоҥхо күнүн бэлиэтиир. Олоҥхо саха омук былыыр былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күүрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта.
Киһи модун санаатын, күүһүн-күдэҕин, кыаҕын, айыы аймаҕын араҥаччылыыр үрдүк аналын хоһуйуу көстөр.
2005 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. Нөҥүө сылыгар СӨ бэрэсидьиэнин 3036 №-дээх Ыйааҕынан 2006 сыл сэтинньи 15 к. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ.
Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ол курдук, Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай колледжка Иванова С.Т. салайааччылаах В.О.Каратаев аатынан Бүлүүтээҕи олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар народнай коллектива биир дойдулаахпыт Иванов С.И. – Чочу Сэмэнэ «Киис Бэргэн Бухатыыр» олоҥхотун үрдүк таһымнаахтык толорон, билсиһиннэрэн, ыалдьыттаан бардылар. Устудьуоннар олоҥхо тылын-өһүн, ырыатын-тойугун биһирии көрдүлэр-иһиттилэр. Олоҥхо нөҥүө эдэр ыччаты киһи чиэһин үрдүктүк тутарга, киһини сыаналыырга, норуот үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга, ыччаты күүстээх-уохтаах, дьулуурдаах буоларга, сиэргэ-майгыга иитэргэ сабыдыаллыыра саарбаҕа суох.
Бу курдук, өбүгэлэрбит хаалларбыт баай, дириҥ культураларын үйэтитэргэ анаммыт дьоһун тэрээһин киэҥ сэҥээриини ылыан ылла.