Учуутал түмэлигэр “Кэскил”, “Юность Севера” оҕо хаһыаттарын редактора Е.С. Иринцеева устудьуоннарга аһаҕас уруок биэрдэ. Уруок интэриэһинэйдик саҕаланна. Ол курдук оҕолору психологическай тургутук оҥорон кинилэр үөрэнэр туруктарын, ылынар дьоҕурдарын быһаарда. Устудьуоннар маҥнай, ситэ өйдөөбөккө, бытаардылар, онтон кэлин сорудахтары тып-тап курдук тутан, оҥорон истилэр, тургутугу бэйэлэрэ да интэриэһиргээтилэр. Евдокия Семеновна кыракый эссе суруйтаран, араас ыйытыылары биэртэлээн устудьуоннар үөрэнэр, ылынар туруктарын арыйда, хас биирдиилэригэр сыана быста, идэлэрин ылыналларыгар сүбэлэри биэрдэ. Уруок иккис аҥарыгар норуот ылынар, билинэр, ыччат ытыктыыр киһитэ Н.И. Протопопова үлэтигэр сыһыанын холобурдаан, айар үлэһит диэн кимин, туох ураты хаачыстыбалардааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини үлэтигэр эппиэттээҕин,тэрийэр сатабылын, ирдэбиллээҕин, киһи быһыытынан сайаҕас майгылааҕын, оҕолорго ураты сыһыанын туһунан ылбаҕайдык ырытта.
Уруок түмүгэр устудьуоннарга талан ылбыт идэлэригэр ситиһиини баҕарда, уруоктан, оҕолортон астыммытын биллэрдэ.