Бу ый сааскы сайа?ас 11-16 к?ннэригэр Н.Г.Чернышевскай аатынан Б?л??тээ?и педагогическай колледжка алын кылаас учууталларын бэлэмниир салаа нэдиэлэтэ ?рд?к та?ымнаахтык, киэ? тэрээ?иннээхтик буолан ааста. Ол курдук, «Эр хоhуун буол», «Великолепная тройка», «Практикант Года», «Харах далыгар» уонна юбилейдаах суруйааччыларбыт Алампа, Суорун Омолллоон, Амма Аччыгыйа айымньыларыгар кылгас испэктээкилтэн бы?а тардыылары «Манчаары Баьылай», «Дь???н кубулуйумтуо», «Аанчык», «Ч??ч?» айымньылары к?рд?рт??т?лэр. Бу ыччаттарбытыгар аналлаах сылын аайы ыытыллар ?гэскэ кубулуйбут тэрээhиннэрбит хас биирдии эдэр ки?и талаанын арыйыытыгар, ?б?гэ т?р?т ?гэ?ин утумнуурга, ыччаты ?т?? сиэргэ – майгыга у?уйар сыаллаах-соруктаах ыытыллар. Олортон устудьуоннар интэриэстэрин, бол?омтолорун тардыбыт, биhирэммит сэргэх тэрээ?ин ту?унан сырдатыам.
Ток-шоу: Харах далыгар «Таптал баар буолан…»
Таптал ту?унан суруйбатах суруйааччы, арааhа, суо?а буолуо…Тэрээ?ин саха народнай суруйааччыта Н.Г.Золотарев-Якутскай суруйбут «Ара? уонна таптал» киинэтин к?р??ттэн са?аланна. Олоххо дьи?нээхтик буолбут дьулаан хартыынаны, эдэркээн уоллаах кыыс тапталларын, элбэх ки?и оло?ун, дьыл?атын илдьэ барбыт ыарыы туhунан киинэни долгуйа к?рд?б?т. Баай дьада?ыга сыhыана, тэнэ суох буолуу, «адьарай» ыарыыта, к??стээх таптал, айыл?а сэдэх дьиктилэрэ, арыгы алдьархайа уонна да атын проблемалар бу киинэ?э итэ?этиилээхтик к?ст?лл?р. Николай Якутскай айымньыта са?алыы хара?ынан к?р?ллэн, ырытыллан, иккис тыынын ылбыт курдук буолла.
Манна да?атан, англичанка Кэт Марсден Саха сиригэр кэлиитин, кини оло?ун-дьаhа?ын, саха омугун иннигэр о?орбут ?т??т?н-???т?н ту?унан омук тылын преподавателэ Васильева Ульяна Афанасьевна сырдатта.
Ток-шоуга кытта кэлбит ынырыылаах ыалдьыттарбытыттан, к?н ахсын к?рс?р дьонноруттан — ??рэтэр преподавателлэриттэн, т?гэн к?ст?б?т?нэн, устудьуоннарбыт тапталга сы?ыаннаах ыйытыктарыгар эппиэттииллэригэр к?рд?ст?лэр. Санаа атаста?ыы т?м?г?нэн уопсай т?м?ккэ: таптал диэн ?йд?б?л араастаа?ын, истин иэйии буоларын, тапталларын к?рс?б?т дьо??о бэйэ-бэйэни ?йд????, ?й????, убаастаhыы, харыстааhын хайаан да наадалаа?ын тоhо?олоон бэлиэтээтилэр. Ки?и оло?о остуол ньуурун курдук к?н? буолбатын, хас биирдии киhи оло?о уратытын, хатыламматын уонна уопсайынан олоххо к?рс?р араас моhоллору, ыарахаттары сатаан туоруурга ??рэниэхтээхтэрин ыйдылар.
Били??и уустук бутуурдаах олоххо убаастыыр, таптыыр дьоммут учууталларбыт мындыр ?йд?р?-санаалара, киhилии сиэрдэрэ-туомнара, с?бэлэрэ-амалара, олохторо кэнчээри ыччакка холобур буолуо, олохторугар-дьаhахтарыгар туhаныахтара диэн эрэнэбин. Оттон устудьуоннарбыт ?г?стэрэ олохтоох толкуйдаах, оло?у дири?ник анаарар, тус санааларын ыпсаран этинэр эбиттэр, оло?у к?р??лэрэ киэ? эбит диэн санаа?а кэллим.
Ыалдьыттарбыт эрчимнээх эдэр саастара, олохторугар к?рс?б?т ?т??лэрэ, ?ч?гэйдэрэ бу барыта Б?л??тээ?и педагогическай колле?ы кытта быстыспат сибээстээ?ин чопчулаан бэлиэтээтилэр, эргиллибэт эдэр саастарын, умнуллубат т?гэннэрин санаан, к?лэн-??рэн, ирэ-хоро кэпсэтэн тар?астылар.
Т?гэнинэн ту?анан, улахан махтал тыллары тириэрдиэхпитин ба?арабыт иилээн-са?алаан ыыппыт, к??с к?м? буолбут энтузиаст учууталбытыгар Семенова Розалия Степановна?а, к?хт??хт?к кыттыбыт ыалдьыттарбытыгар, устудьуоннарбытыгар. ?сс? да маннык бырайыактары толкуйдаан, олоххо киллэрэн киэ? ара?а?а тахса туралларыгар ба?арабын. Таптаа?, таптаты?, тапталлаах буолу?!
Анжелика Колтовская, педколледж алын
кылаас учууталларын бэлэмниир салаа тьютора